2012 сыллаахха Дьокуускай куораттааҕы оҕо айымньытын Дыбарыаһыгар этнокултуура киинэ тэриллэн, олус айымньылаахтык уонна таһаарыылаахтык үлэлээбитэ номнуо 5 сыла буолар. Киин тэриллиэҕиттэн Ийэ тыл декадатын иһинэн сыл ахсын араас таһымнаах семинардары тэрийэр, республика, куорат үгүс саха тыллаах учууталларын түмэ тардар, баай уопутун билиһиннэрэр.