Дьокуускай куорат 20-с нүөмэрдээх оскуолатыгар - Ийэ тыл, сурук-бичик күнэ.
Дьокуускай куорат 20-с нүөмэрдээх оскуолатыгар С.А.Новгородов төрөөбүтэ 126 сылын уонна Ийэ тыл, сурук-бичик күнүн өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтибит.
Олунньу 12 күнүгэр биһиги оскуолабыт 46 учууталлара «Сахалыы дьыктаан-2018» диэн өрөспүүбүлэкээтээҕи аахсыйаҕа кыттыһан,сахалыы сайдам саҥаны сайыннарбыттарын туһунан туоһулуур суруктары туттулар. “Муҥутуур кыайыылаах” аатын алта учуутал ылан үөрдүлэр-көттүлэр:Назарова Ньургуяна Владимировна, Стручкова Надежда Спартаковна - нуучча тылын учууталлара, Платонова Саргылана Ефремовна – ахсаан учуутала, Саввинова Любовь Николаевна, Готовцева Саргылана Илларионовна – алын кылаас учууталлара, Лазарева Луиза Владимировна – аанглыйа тылын учуутала.
Олунньу 13 күнэ – дьоро күн Саха сирин Өрөгөй ырыатынан саҕаланна.Саха Өрөспүүбүлэкэтин үөрэҕириитин туйгуна,Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэҺитэ, оскуола дириэктэрэ Аргунова Ульяна Алексеевна эҕэрдэ тыл эттэ.
Бу күн дьон барыта дьикти үчүгэй норуотун таҥаһын таҥнан кэлбиттэрэ көрөргө үчүгэйиэн! Сахалыы,нууччалыы,эбээннии....
«Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы
Саҥа ытарҕа кэтээри,
Эбээ кэтэһэр ыһыаҕы
Саҥа былаат баанары.»
-диэн Сэмэн Данилов хоһоонун тыллара кулгаахпар иһиллэн кэлэр.
Сахалыы алгыс сиэрин-туомун Куорунай улууҺун Саха Өрөспүүбүлэкитин Аан Дархан алгыс этээччитэ, Саха Өрөспүүбүлэкитин Ас-үөл,атыы-тутуу бэдэрээссийэтин үтүөлээх үлэһитэ, Куорунай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Румянцев Алексей Алексеевич ыытта.
Дьоро күммүтүн биллиилээх “Сайсары” норуодунай дьахтар бакаалынай ансаамбыла кэлэн киэргэттэ.Ансаамбыл ыллаабыт ырыаларыгар саха норуотун үйэлэр тухары бүөбэйдээн аҕалбыт тыына-кута,сүрэҕин-быарын ытарҕата,өйүн-санаатын баайа-дуола барыта баар.Ансаамбыл “Отуу уота”,”Саас буолаҕа”,”Үрүмэччи маҥан ат” диэн ырыалары кутан-симэн ыллаабыттара кэрэтиин! Биһиги оскуолабыт учууталлара алын сүһүөх кылаас учуутала Иванова Вера Константиновна, нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Захарова Маргарита Саввична бу ансаамбылга ыллаабыттара уонча сыл буолбтуттан биһиги сөҕөбүт уонна киэн туттабыт.
Дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Инна Евгеньевна Акимова омугунан нуучча эрээри, Күндэ “Төрөөбүт тыл” диэн айымньытын сахалыы аа5ан соҺутта.
Салгыы дьириэктэри алын кылаастарга солбуйааччы Римма Васильевна Парфенова төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
Хомуска ахсаан учуутала Верховцева Дарья Васильевна тыаһатан дьүрүһүттэ.Саха тылын суругун-бичигин төрүттээбит С.А.Новгородов туһунан эбии дьарык куратора Рада Александровна Кириллина кэпсээтэ.Алын сүһүөх кылаастар учууталлара Копырина Жюлиана Григорьевна туруорбут үҥкүүтүн сахалыы таҥаһы сайбаччы кэтэн,өссө Сэмэн Данилов нууччалыы суруллубут хоһоонун ааҕан киһини барытын долгуттулар.Үҥкүү учуутала Васильева Мария Ильинична саха үҥкүүтүнэн эҕэрдэлээн дьону барытын үөртэ.
Бу күн бары оһуокайдыыр оонньууга окумалтан ылсыһан, оһуор-дьар5а түһэрдибит,эһиэкэйдиир үҥкүүгэ этэн-тыынан тэйдибит.
Норуот таҥастарын көрүүгэ бастыҥнарга,көхтөөх кыттааччыларга уонна тэрийээччилэргэ туоһу сурук туттарылынна.
Сахалыы ас томточчу тардыллыбыт сандалата ыалдьыттары,кыттыылаахтары ыҥырда, бэртээхэй тэрээһини түмүктээтэ. НВК үлэһиттэрэ кэлэн устан, “Сонуннарга”көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
Доҕоттоор,эһиги сахалыы тылынан саҥара сылдьаргытыттан киэн туттуохтааххыт.Бэйэтин төрөөбүт тылын эрэ билэр киһи үүнэр-сайдар,атын омук тылын баһылыыр.Үөрэҕи – билиини киэҥник анаарыылаахтык иҥэринэр диэн өйдөөн,төрөөбүт тылбытын харыстыы,байыта сылдьыахтаахпыт,саҥарар тылбытыгар бол5омто уура үөрэниэхтээхпит.
Маннык үчүгэй тэрээһини тэрийбит, бииргэ үлэлиир бар-дьонун,төрөппүттэр биһирэбиллэрин ылбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталыгар Федорова Марианна Макаровнаҕа барҕа махтал тылларын аныыбыт.Кини дьоҕурдаах тэрийээччи, салайааччы, икки тылынан хомоҕойдук саҥарар үтүө киһибит буолар.Инникитин даҕаны араас тэрээһиннэри тэрийэн биһигини көҕүлүө, оскуолабытын ааттата туруо диэн эрэнэбит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна,алын сүһүөх кылаас учуутала Заболоцкая Дария Михайловна.