Муҥха – сахалыы үгэс эргииринэн көрдөххө, ордук күүтүүлээхтэргэ киирэр. Элбэх дьону түмэринэн, бэлэмнэнии хас эмэ ыйтан-хонуктан барарынан, ыһыахха тэҥнээх үтүө үгэспит. Үгэһэ туохха сытарый – дьылга киириэх иннинэ дьон-киһи балык хаһаанарыгар итиэннэ дьиэ кэргэн, дьон-аймах түмсүүлээх буолуутугар. Муҥха кэмигэр айдаарар, кыыһырсар, этиһии таһаарар табыллыбат.