Эн Аҕа түмсүүтүгэр бааргын дуо?
Маннык ыйытыынан салайтаран, оҕо инники кэлэр кэскилин санаан, Дьокуускай куоракка олохтоох дьону-сэргэни төрүт өйдөбүлгэ чугаһатар соруктаах, “Айыы Кыһатын” аҕалара быйылгы үөрэх дьылыгар бастакы улахан сугулааннара “Арчы Дьиэтигэр” дорҕоонноохтук доллоһутан, түмсүүлээхтик өрө күүрэн саҕаланна.
Быйыл бэһис сылын үлэлиир Аҕа түмсүүтэ саҥа кэлбит аҕаларга утары уунара, ахтан-санаан ылара, ону тэҥэ саҥаны-сонуну кэтэһэрэ, санаа салҕанарын күүтэрэ үгүс. Бу сыллар тухары биһиги үлэбит, биллэн турар, оҕоҕо туһаайыллыбыт өрүтэ баһыйар баһаам буоллаҕа. Ол түмүгэ тугуй эбит диир буоллахха, оскуола төһө да кыараҕас балаһыанньалааҕын иһин, уолаттарбыт куорат, республика үрдүнэн ыытыллар “Снежный барс”, “Патриот”, “Байанай”, о.д.а. киэҥ ыҥырыылаах, үгүс сыллар тухары мунньуллубут үтүө үгэстэрдээх, быһый эрэ быыһылаан тахсан, бэргэн эрэ эллэнэн күөрэйэр, күүстээх эрэ күөнүнэн таһымнанар түһүлгэлэргэ кыайыылаах аатын үгүстүк ылан, ити эйгэ ааттаах-суоллаах дьонун-сэргэтин хараҕын далыгар бигэтик киирдэ диэхпитин сөп. Бу да киэһэ ону туоһулаан биһиги оскуолабытын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, салгыы идэлэригэр уһуйулла сылдьар Евгений Иванов, Борис Дьяконов, Ариян Боронов уонна Алексей Бочкарев санааларын сайа этэн, аҕалары бэркэ астыннардылар.
Оскуола дириэктэрэ, Россия үтүөлээх учуутала Лидия Шамаева мунньаҕы арыйар аан тылыгар – оҕоҕо туһаайыылаах үөрэх, оҕо туһугар түмсүү оскуола тулхадыйбат бигэ туһаайыыта буоларын бэлиэтээтэ. Аҕа түмсүүтүн иилиир-саҕалыыр, оскуола эйгэтигэр бу сыллар тухары үүнүн-тэһиинин бигэтик илдьэ кэлбит Николай Андреев: “Аҕа түмсүүтэ диэн көҥүл түмсүү, онон оҕолорбут, оскуолабыт туһугар илиини-атаҕы кэтээн олорбокко, харса суох кыттыһан, үлэлэһэн иһиэххитин баҕарабын” диэн бэлиэтээбитэ оруннаах. Хайа да кэмҥэ көхтөөх дьон күүстээх күөннэринэн, сайдам санааларынан салаллан, билиҥҥи кэм угаайылаах халы-мааргы үйэтигэр киһини киһи быһыытынан, оҕону оҕо быһыытынан көрөн, сайыннаран, тэҥҥэ алтыһан олоҕун оҥкулун, отуорун булларар үтө соруктаах буоллахпыт. Бу эйгэҕэ оскуола кэккэ ситиһиилэрин туһунан ону анаан-минээн видео-туһаайыы нөҥүө СӨ Духуобунас академиятын академига, тимир ууһа Борис Неустроев-Мандар Уус да тоһоҕолоон биэлиэтээтэ. Кини хас биирдии оҕо айылҕалыын алтыһара суолталааҕын, онтон сиэттэрэн төрүт эйгэ үтүө үгэстэригэр уһуйуллан тахсара бу үйэҕэ судургута суох сорук буолбутун бэлиэтээтэ. Аҕа түмсүүтэ онуоха көҕүлүүр, өрө тардар суолтата куоракка эрэ буолбакка, бүтүн Саха сиригэр биллэр-иһиллэр буолбута хайҕаллаах диэтэ итиэннэ инники үлэ таһаарыылаах буоларыгар алҕаата.
Мустубут аҕалар санааларын хорсуннук этэн, бииргэ үлэ инники өрүттэрин ырыттылар, хайдах көрүүлээхтэрин бар-дьон дьүүлүгэр таһаардылар. Билиҥҥитэ уонтан тахса хайысхалаах Аҕа түмсүүтэ кэлэр да сылларга үлэлэрин хайысхатын улам чопчулаан, күүһүрдэр иһэр баҕалаах. Олортон буолар кэминэн саамай чугастара, дьону-киһини куттуун-сүрдүүн абылыыр дьикти үчүгэй эйгэлээҕэ – муҥха буолар.
Рустам Каженкин,
“Айыы Кыһата” оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы