“Айыы Кыһатын” онус муҥхата
Муҥха – сахалыы үгэс эргииринэн көрдөххө, ордук күүтүүлээхтэргэ киирэр. Элбэх дьону түмэринэн, бэлэмнэнии хас эмэ ыйтан-хонуктан барарынан, ыһыахха тэҥнээх үтүө үгэспит. Үгэһэ туохха сытарый – дьылга киириэх иннинэ дьон-киһи балык хаһаанарыгар итиэннэ дьиэ кэргэн, дьон-аймах түмсүүлээх буолуутугар. Муҥха кэмигэр айдаарар, кыыһырсар, этиһии таһаарар табыллыбат. Барыта уурбут-туппут курдук, биир салайар киһи этиитинэн, ыйан-кэрдэн биэриитинэн ааһар. Муҥха булт тэрилигэр киирсэрин быһыытынан, хайа да киһи, ордук дьахтар өттө, муҥха суолун быһа түһэрэ, муҥха сэбин-сэбиргэлин атыллыыра – төрдүттэн табыллыбат. Анньыы диэн буолар. Атыллаатыҥ эрэ уу иччитэ икки, Баай Байанай икки ханнан хаалыан сөп. Ханнан хаалла эрэ иккиһин эргиллэрэ бэрт күчүмэҕэйдээх буоллаҕа... Мыынар эмиэ табыллыбат. Байанай төһөнү биэрбитинэн диэн буолар.
Дьокуускай куоракка үлэлиир сахалыы тыллаах аҕыйах оскуолалартан биирдэстэрэ, “Айыы Кыһата” сыллата муҥха күнүн тэрийэн, бар-дьонун түмэр буолбута быйыл хайыы-үйэҕэ 10 сыл буола охсубут эбит. Уон сыллааҕыта төрөппүттэр уонна учууталлар күүстэринэн, дириэктэр Лидия Петровна Шамаева салайыытынан аан бастакы муҥха тэриллибитэ. Оттон быйыл 2 автобуска тобус толору оҕо-төрөппүт айаннаабытын таһынан, 20-тэн тахса араас уйуктаах массыынанан, уопсайа 130-ча киһи Нам улууһун Бастакы Хомустааҕар тиийэн, саха сиэрин салгыы туттулар. Бу сыллар тухары ахсаабат кыһамньытынан, дьоҕурдаах салайыытынан ытык киһибит Федор Иванович Новгородов үгүс элбэх куорат оҕотун айылҕа тыыныгар уонна төрүт үгэспит булгуруйбат кытаанах сиэригэр чугаһатта. Ол түмүгэ тугуй эбит диир буоллахха, оҕо өттө күһүн оскуолаҕа кэлиэҕиттэн муҥха туһунан ыраланар буолла, төрөппүт өттө анньыытын, көлөтүн эрдэттэн көрүнэн бэлэмнэнэр буолла, оскуола буоллар инники өттүгэр тутулуга суох сылдьыыга тахсыахтаахпыт диэн өйдөөн туран, төрөппүт кэмитиэтин көмөтүнэн муҥха атыыласпыта. Бу түгэн кулгааҕар ордук кэрэтик иһиллэр.
Кыыс аймах бу кэмҥэ тугу гынарый? Бииринэн, кини муҥхаҕа барааччыны үтүө тылынан атаарар, аһын-таҥаһын бэрийэн-бэлэмнээн биэрэр. Ол аата уол киһи сүргэтин көтөҕөр, туругун тупсарар. Итиэннэ дьиэтигэр эргиллиитигэр төһөнү да аҕалбытын иһин мыынар-астыммат тылы быктарбат, хайдах баарынан ылынар уонна дьэ наардыыр, астыыр. Оскуолаҕа бу хайысханы сайыннарыы соторутааҕыта саҕаламмыта. Быйыл, холобур, кыргыттар алаадьы астаан биэрбиттэрэ, оттон аҕалара уонна бииргэ төрөөбүттэрэ аҕалбыт балыктарын ийэлэрин кытта астыырга, хаһаанарга үөрэниэхтээхтэр. Манна күүстээх үлэни учууталларбыт Күннэй Анатольевна Ильина, Наталья Николаевна Никулина, о.д.а. ыыта сылдьаллар.
Муҥхаҕа, биллэн турар, бастакы сылларыгар билбэт-сатаабат өттүбүт үгүс буоллаҕа. Онон, сыыһа-халты үгүстүк тахсар этэ. Билигин, ол сылларга тэҥнээтэххэ, улахан кылаас оҕолоро улаата охсоннор, тэҥҥэ дьаһайса, ыйа-кэрдэ сылдьаллара олус үчүгэй. Биири бэлиэтээн эттэххэ, хас да сылтан бэттэх оскуоланы бүтэрбит оҕолорбут ыйыталаһан туран кэлэр, сылдьыһар, тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэр буоллулар. Түмсүү уонна ситимнээх үлэ биир көстүүтэ ити буолар дии саныыбын.
Аҕа түмсүүтүн суолтата манна баһыйар. Сүүстэн тахса киһини түмүөм уонна уонунан көстөөх сиргэ илдьэн баран төттөрү аҕалыам, аһатыам-сиэтиэм диэтэххэ, судургута суох дьыала. Биһиги үөрүүбүтүгэр, онно улахан сыһыаннаах, сүрэхтэринэн үөрүүнү кытта ылынар учууталлардаах, төрөппүттэрдээх буоламмыт, бу барыта саха сэмэйдик “этэҥҥэ” дииринии ааһар. Мин бу дьону ааттыахпын баҕарабын: Николай Викторович Андреев – оскуола математикаҕа уонна ОБЖ учуутала, Аҕа түмсүүтүн тэрийээччи; Александр Михайлович Соров – Аҕа түмсүүтүн салайааччы; Ю Владимир Шиндикиевич – оскуола төрөппүттэрин түмсүүтүн салайааччыта; Виталий Архипович Слепцов – оскуола дириэктэрин административнай-хаһаайыстыбаннай үлэҕэ солбуйааччы, төрөппүт; Иван Петрович Черноградскай – оскуола физкультураҕа учуутала; Перфилий Ильич Яковлев – оскуола химияҕа учуутала; Иван Иванович Андреев – быйыл биһиэхэ таһаарыылаахтык үлэтин саҕалаабыт тэрийээччи-педагог, саха тылын учуутала; Түмэн Пурбо Уола Хамаганов – төрөппүт; Андрей Иванович Шамаев – төрөппүт; Юрий Николаевич Апросимов – төрөппүт; Айаал Николаевич Егоров – төрөппүт; Александр Александрович Семенов – төрөппүт; Владимир Ли-Фу – төрөппүт, о.д.а. Ааттара киирбэккэ хаалбыт дьон, бука диэн баалаабаккытыгар. Төрөппүт кыттыыта сыллата элбии турар, киһи ааттыан баҕарар киһитэ эбиллэ турар. Бу кэскиллээх түмсүү туоһута дии саныыбын.
Күөл наада. Бииринэн, биһиги ытык киһибит Федор Иванович лаппа сааһыран эрэр, иккиһинэн, оскуола аны бэйэтэ муҥхалаах, салайар-тэрийэр дьонноох. Дьэ, биирдэ тэринэн олорон ханна барыахпытын сөбүй диэн толкуйга түстүбүт. Онтубут баара, Дьокуускай куорат аттынааҕы күөллэргэ ыллыҥ да сылдьар табыллыбат буоллаҕа, оттон көҥүл биэрэр күөллэрэ мантан балай эмэ ыраах сыталлар. Аны туран биир күөлгэ муҥхалаатыҥ эрэ, ол күөлү хас эмэ сыл сынньатыах тустааххын. Ол аата хас да сылдьар күөллээх буолуохтааххын. Онон, инники өттүгэр, биһигини бу тухары өйөөн-убаан кэлбит куораппыт салалтатын кытта бу боппуруоһу быһаарсан, кэпсэтэн, сыллата сылдьар күөллэрдээх гына тэринэр баҕалаахпыт.
Рустам Каженкин,
“Айыы Кыһата” оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы