«Тыыннаах тыл» бырайыак
-
Декада родного языка и письменности. С 8 по 20 февраля 2021 г.Сонуннар. Новости.
- Уран тыл”, куйаар ситиминэн күөн-күрэс. “Үтүө киһи аата үс үйэҕэ ааттанар” өс хоһоонугар 5-6 кылаастарга аналлаах олимпиада.
- Дьокуускай куорат 12-ис нүөмэрдээх оскуолатыгар Төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадатын түмүктүүр «Төрөөбүт тылым — барҕа баайым»диэн ааттаах Аман өс күөн күрэһэ буолан ааста
- 20-с нүөмэрдээх“Надежда” уһуйаан оҕо сайдар киинигэр – Төрөөбут тыл уонна сурук бичик декадата
- День родного языка и письменности в д/с №8 «Родничок»
- В детском саду №84 «Искорка» прошли мероприятия во всех возрастных группах «Язык- богатство народа» ко «Дню родного языка и письменности» 3-с нүөмэрдээх «Катюша» уhуйаан оҕо сайдар киинигэр — Төрөөбүт тыл уонна сурук бичик күнэ Ийэ-тыл, сурук- бичик күнэ «Мичээр» уһуйааҥҥа
- «Туллукчаан» уһуйааҥҥа төрөөбүт тыл декадата
- «Төрөөбүт тыл кэхтибэт кэскилэ» оҕо төрөөбүт тылынан кэпсэтэр дьоҕурун сайыннарыыга үлэтин опытын билиһиннэрэр семинар. Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» оҕо саада
- Неделя, посвященная Дню родного языка и письменности в детском саду № 5 «Радуга»
- “Төрөөбүт тылгын билэҕин дуо?” биктэриинэ түмүктэрэ. (Төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадатын чэрчитинэн үгүс элбэх үлэ Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар ыытылынна)
Архив -
Төрөөбут тыл, сурук-бичик декадатын түмүктүүр «Алгыстаах саха тыла» бэстибээл
-
Куорат оскуолаларыгар төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн бэлиэтээтилэр
- О проведении Декады родного языка и письменности в городском округе "город Якутск".
-
Дьокуускай куорат үөрэнээччилэрин икки ардыгар ыытыллар "Сахалыы дьыктаан" күрэх балаһыанньата
-
О проведении конкурса педагогов «Ийэ тыл – сайдыы бигэ тирэҕэ»
-
"Аман өс" күрэх балаһыанньата
- Положение "Два языка - два родника"
- Информационное письмо. НПК «ОЛОҤХО ААРТЫГЫН АРЫЙАН» . «ПРИОТКРЫВАЯ ДВЕРИ В МИР ОЛОНХО»
- Сонуннар
- Олоҥхо дьыктаана П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатыгар
- «Тыыннаах тыл» социокультурнай бырайыак «Олоҥхо түһүлгэтэ» тэрээһин
- Олонхо декадатыгар ыытыллар тэрээһиннэр былааннара
Бырайыак сыала:
Фольклор уонна литература айымньыларын нѳңүѳ о5о сахалыы таба санарар сатабылын сайыннарыыга үлэ сана хайысхатын кѳрдѳѳьүн.
Бырайыак улэлиир туьулгэлэрэ |
Салайааччы |
Бииргэ үлэлиир тэрилтэлэр |
П.А.Ойуунускай түһүлгэтэ «Олонхо» |
Липатова С.А., Айыы кыһата саха тылын уонна литературатын учуутала |
«Олоҥхо театра» (директор Власов Виталий Гаврильевич), Таатта оройуонун оскуолаларын үѳрэнээччилэрэ уонна учууталлара |
Г.Колесов түһүлгэтэ «Уус – уран аа5ыы» |
Васильева А.Н., 33 нүѳмэрдээх оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала |
П.А.Ойуунускай литературнай музейа (директор Н.А. Лугинов), Таатта оройуонун оскуолаларын үѳрэнээччилэрэ уонна учууталлара |
Н.Д.Неустроев түһүлгэтэ «Айар дьо5ур» |
Попова М.М., 17 нүѳмэрдээх оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала |
СВФУ «Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүү(сал. Попова Матрена Алексеевна), Таатта оройуонун оскуолаларын үѳрэнээччилэрэ уонна учууталлара |
А.Е.Кулаковскай түһүлгэтэ «Чинчийии» |
Саввинова А.Ф., Саха гимназия саха тылын уонна литературатын учуутала |
ХИФУ, ИЯКН, Дьокуускай куорат архыыба, Таатта оройуонун оскуолаларын үѳрэнээччилэрэ уонна учууталлара |
Алампа түһүлгэтэ «Театр» |
Петрова Ж.Н., 7 нүѳмэрдээх оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала, Аммосова М.Н. 26 нүѳмэрдээх оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала |
П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театра (дир.Николаев Анатолий Павлович), Таатта оройуонун оскуолаларын үѳрэнээччилэрэ уонна учууталлара |
С.Зверев- Кыыл Уола түһүлгэтэ «Фольклор» |
Сидорова А.С., Тулагы орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала |
СВФУ, АГИКИ, ККиИ, Таатта оройуонун оскуолаларын үѳрэнээччилэрэ уонна учууталлара |
В.Никифоров- Кюлюмнююр тюьюлгэтэ «Саха тыла- государственность тыла» |
Поротова С.Е., СПЛ саха тылын уонна литературатын учуутала |
«Түмэн» ыччат түмсүүтэ. (сал. Данилов Игорь Альбертович М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ИЯКН 1 курсун студена), Таатта оройуонун оскуолаларын үѳрэнээччилэрэ уонна учууталлара |
М.Е.Николаев тюьюлгэтэ «Судаарыстыбаннас уонна саха сирин сайдар саҕахтара» |
Анисимова Г.С., ЯГНГ саха тылын уонна литературатын учуутала |
М.Е.Николаев архыып- дьиэтэ (дир.Капитонова Наталья Петровна) П.А.Ойуунускай музейа (дир.Н.А.Лугинов), Таатта оройуонун оскуолаларын үѳрэнээччилэрэ уонна учууталлара |
“ Тыыннаах тыл түмэр түһүлгэтэ”
Биһиги республикабытыгар биллэриллибит “Сомоҕолоһуу” сылын чэрчитинэн бу 2019 дьыл ыам ыйын 27 күнүгэр Дьокуускай куоракка иһирэх ийэ тыл, сайдар саха тылын саҥа саҕахтарын тобулар «Тыыннаах тыл түмэр түһүлгэтэ” диэн Дьокуускай куорат саха тылын уонна литературатын учууталларын методическай холбоһугун уонна Таатта улууһун уһуйааччыларын тэрээһиннэрэ буолан ааста. Тэрээһин фольклор уонна литература айымньыларын нѳңүѳ оҕо сахалыы таба саҥарар сатабылын сайыннарыыга үлэ саҥа хайысхаларын кѳрдүүр сыаллаах ыытылынна.
Тэрээһин аһыллыыта Орджоникидзе болуоссатыгар, Былатыан Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурууттан, Саха гимназия уонна Таатта оскуолаларын уолаттарын хоһоон ааҕыыларыттан саҕаланна. Салгыы “Дьокуускай куорат уокуругун” үөрэхтээһиҥҥэ дьаһалтатын салайааччыта Семенов А.К., Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Сивцева И. А. Таатта улууһуттан төрүттээх, П.А.Ойуунускай, хаан уруу аймаҕа, суруйааччы Слепцова Е.В.- Куорсуннаах тэрээһин кыттыылаахтарыгар туһаайан эҕэрдэ тылы эттилэр. Онтон Дьокуускай куорат 35 нүѳмэрдээх орто оскуолатыгар куорат уонна Таатта улууһун оскуолаларын үѳрэнээччилэрин, учууталларын «Үүнэр-сайдар суолбут- тѳрѳѳбүт тѳрүт тылбыт!» диэн эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла. Педагогическай наука кандидата, этнопедагог Екатерина Петровна Чехордунаттан үлэ ситиһиилээх буоларыгар, ханнык түгэннэргэ болҕомтону чопчулуурга сыал туруоран тыл эттэ.
Тэрээһин сүрүн үлэтэ фольклор уонна литература айымньыларын нѳңүѳ оҕо сахалыы таба саҥарар сатабылын сайыннарыыга үлэ саҥа хайысхаларын кѳрдүүр сыаллаах аҕыс түһүлгэҕэ ыытылынна:
1. П.А.Ойуунускай түһүлгэтэ “Олоҥхо”
2. Г.Колесов түһүлгэтэ «Уус – уран ааҕыы»
3.Н.Д.Неустроев түһүлгэтэ «Айар дьоҕур»
4. А.Е.Кулаковскай түһүлгэтэ «Чинчийии»
5.А.И.Софронов - Алампа түһүлгэтэ «Театр»
6. С.Зверев- Кыыл Уола түһүлгэтэ «Фольклор»
7. В.В.Никифоров - Күлүмнүүр түһүлгэтэ «Саха тыла-государственность тыла»
8.М.Е.Николаев түһүлгэтэ «Судаарыстыбаннас уонна Саха сирин сайдар саҕахтара»
Хас биирдии түһүлгэҕэ салгыы бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, ынырыылаах сүбэһиттэр учууталлары уонна оҕолору кытта тэҥҥэ үлэлээтилэр, эһиилги үѳрэх дьылыттан саҕалаан Дьокуускай куорат уонна Таатта улууһун культурнай – социальнай тэрилтэлэрэ бары кыттыьан оҕо сахалыы таба саҥарар сатабылын сайыннарыыга үлэ саҥа хайысхаларын торумнаатылар.
Маннык улахан тэрээһин сыалын- соругун, былаанын, салгыы ыытыллыахтаах үлэ хайысхатын ис хоһоонун, кыаҕын –күүһүн туһунан “Дьокуускай куорат уокуругун” үөрэхтээһиҥҥэ дьаһалта салайааччытын солбуйааччы Попова Т.Н. дириҥ ис хоһоонноохтук бэйэтин санаатын тэрээһин кыттыылаахтарыгар тиэртэ.
Саха саарыннарын тѳрѳѳбүт түѳлбэтэ Ытык Таатта улууһун кытта ыкса үлэлэһэр баҕа санааны олоххо киллэрэр сыалтан уонна төрөөбүт тыл сайдарыгар хардарыта ситим бөҕөргүүрүн туһугар, “Дьокуускай куорат уокуругун” үөрэхтээһиҥҥэ дьаһалтата бу саас куорат учууталларын уонна оскуола инниинээҕи оҕо тэрилтэтин иитээччилэрин Таатта улууһугар илдьэн, уопут атастаһан кэлбиппит. “ Таатта иитэр-үѳрэтэр эйгэтэ” диэн бырайыак онороннор, ийэ тылы харах харатын курдук харыстыырга кытаанахтык ылсыбыттар, улуус олохтоохторо бүттүүн күргүѳмүнэн төрөөбүт тылларын, ѳбүгэ үгэһин сайыннараллар, кэлэр кѳлүѳнэ ыччакка саха норуотун духуобунай баайын энчирэппэккэ тиэрдэр сыалы – соругу туруорунан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Баҕалаах маастар кылааһы ыытар, уус кыһатыгар түмсэр, уруок таһынан фольклору такайар. Бу үлэ сыалын- соругун, инники кэскилин таба ѳйдѳѳн “Дьокуускай куорат уокуругун” үөрэхтээһиҥҥэ дьаһалтата (салайааччы А.К.Семенов, сал.солбуйааччы Т.Н.Попова) Таатта улууһун кытта бииргэ үлэлэһэр сѳбүлэҥ түһэрсэн үлэ саҕаламмыта хайҕаллаах суол.
Онон күргүөмүнэн турунан кустук өҥнөөх саха тылын ыччакка тиэрдэр олук уурулунна. Дьокуускай куорат уонна Таатта улууһун учууталлара социальнай тэрилтэлэри театрдары, музейдары, киинэ тэрилтэлэрин кытта биир ситимҥэ киирэн үлэлииллэригэр түөрэх түстэ.