Бу ыстатыйаны баҕар сорох оскуолаларга эһиилги үөрэх дьылын торумнуулларыгар көмө буолаарай диэн суруйабын. Ыһыах диэн күн сайыҥҥы туруутугар аналлаах туом (Саха үгэһин төрүт өйдөбүлэ, 39 с.). Билигин киһи хантан эмэ оннук ыһыаҕы хараҕар көрөн “маннык эбит” диир кыаҕа суох. Аныгы кэм сиэринэн, Ыһыах, туом буоларын таһынан, күөн күрэс, үҥкүү-битии, көр-нар аргыстаах буолар.