“Айыы Кыһатын” ыһыаҕа
Бу ыстатыйаны баҕар сорох оскуолаларга эһиилги үөрэх дьылын торумнуулларыгар көмө буолаарай диэн суруйабын. Ыһыах диэн күн сайыҥҥы туруутугар аналлаах туом (Саха үгэһин төрүт өйдөбүлэ, 39 с.). Билигин киһи хантан эмэ оннук ыһыаҕы хараҕар көрөн “маннык эбит” диир кыаҕа суох. Аныгы кэм сиэринэн, Ыһыах, туом буоларын таһынан, күөн күрэс, үҥкүү-битии, көр-нар аргыстаах буолар. Сороҕор онно бүүс-бүтүннүү охтон хаалан, улахан фестивальтан, спартакиадаттан киһи араарбат буолар. Биһиги бу санааны 2013 сыллаахха тутан ылбыппыт уонна сыыйа-баайа төрүт өйдөбүлүгэр эргиллиигэ үлэлэспиппит.
Бу 2013 сыллааҕы программа:
08.30. Оскуолаҕа мустуу;
09.00. Ыһыахтыыр сиргэ айаҥҥа турунуу;
09.30. Түһүлгэни киэргэтии;
11.00. Кылааһынан сэлэлээн киирии;
11.30. Алгыс түһэриитэ;
Оhуохай;
Сиэл ыйыыр сиэр-туом.
12.00. Түһүлгэлэринэн аһылык:
- Сандалы күрэҕэ;
13.00. Түһүлгэлэринэн күрэс былдьаһыы. Көрүҥнэрэ:
- Оһуохай. Түмээччи – 7а кылаас;
- Тойук. Түмээччи – 4а кылаас;
- Норуот ырыалара. Түмээччи – 4б кылаас;
- Чабырҕах. Түмээччи – 3б кылаас;
- Уран ааҕыы. Түмээччи – 2а, 2б кылаас;
- Хомус түһүлгэтэ. Түмээччи – 6а кылаас;
13.00. Илии-атах оонньуулара. Көрүҥнэрэ:
- Хапсаҕай
- Атах оонньуулара
- Сүүрүү
- Тутум эргиир
14.00. Уһун суһуох
14.30. Саха таҥаһын көрүү. Түмээччи – 8а, 8б кылаас;
15.30. Гала-концерт:
- Эҕэрдэ тыллар.
- Күрэс былдьаһыы кыайыылаахтарын нүөмэрдэрэ.
17.00. Эстафета. Түмээччи – 10 кылаас.
17.40. Эстафета түмүгүнэн наҕараадалааһын.
18.00. Хомунуу. Хомуллубуту тиэнии;
18.30. Хоҥнуу.
Оттон бу быйылгы 2018 сыллааҕы ыһыах программата:
08.30. Оскуолаҕа мустуу.
09.00. Ыһыахтыыр сиргэ айаҥҥа турунуу.
09.30. Түһүлгэни киэргэтии.
10.30. Ый кэс тыла. Кылаастар бары (киин түһүлгэ).
11.00. Кылааһынан сэлэлээн киирии; ыраастаныы сиэрэ-туома.
11.45. Алгыс көтөҕүүтэ:
- Кымыс иһиитин сиэрэ-туома (кылаас аайыттан чороон);
- Оһуохай (кылааһынан тус-туспа түһүлгэлэр);
- Сиэл ыйыыр сиэр-туом.
12.30. Түһүлгэлэринэн аһылык (кылаастар).
12.45. Кылаастарынан көрүүлэр (түһүлгэлэринэн):
- “Бастыҥ түһүлгэ” (1-2, 3-4, 5-6, 7-8, 9-11 кылаастар тус-туспа);
- “Бастыҥ сандалы” (1-2, 3-4, 5-6, 7-8, 9-11 кылаастар тус-туспа).
13.00. Улахан дьон күрэхтэһиилэрэ:
- Мас тардыһыыта (аҕалар);
- Хапсаҕай (аҕалар);
- Моҕустар (аҕалар);
- Сүүрүү (аҕалар/ийэлэр).
13.30. Олоҥхо (7а кылаас);
14.30. Ырыа-тойук түһүлгэтэ (1-11 кылаастар).
14.00. Күрэс былдьаһыы. Көрүҥнэрэ:
- Илии-атах оонньуулара (кыыс/уол: 1-2, 3-4, 5-6, 7-8, 9-11 кылаастар);
- Хапсаҕай (уол: 1-2, 3-4, 5-6, 7-8, 9-11 кылаастар, абсолютнай);
- Тутум эргиир (абсолютнай);
- Сүүрүү (100м, 400м: кыыс/уол; 1-2, 3-4, 5-6, 7-8, 9-11 кылаастар).
15.30. “Үрүҥ Уолан оонньуулара”. Көрүҥнэрэ:
- Тутум эргиир;
- Ытыы;
- Кыыс эккирэтии;
- Өһөс торбос;
- Атах оонньуута.
16.30. Наҕараадалааһын.
18.00. Хомунуу. Хомуллубуту тиэнии. Хоҥнуу.
Бу кэлиҥҥи программаны сыллата төрөппүт, учуутал, оҕо санаатын, тугу ордук сэргиирин уонна туом быһыытынан хайдах барыахтааҕынан көрөн уларытыллар. Омос көрдөххө, улахан уларыйыыта суох эрээри, элбэх оҕону хаба сатаан, төрөппүт көхтөөх буоларын ситиһэ сатаан бу оҥоһуллар. Уруккуттан тутуһан кэлбиппит биир – хас биирдии оҕо, учуутал, төрөппүт сарсыарда ыһыах буолар сиригэр кэлиэҕиттэн ханна сылдьарын, тугу гыныахтааҕын чопчу билэр. Тэрийэр бөлөх куруук биир киһи курдук үлэлиир. Онуоха эбии кэлин Аҕа Сүбэтэ күүскэ үлэлээн, оттон быйылгыттан эбээлэр түмсүүлэрэ кыттыһан, сорох түһүлгэлэр бэйэлэрэ орун оннугар киирэн биэрдилэр.
Быйылгы да программа сиппит-хоппут диир кыах суох, уларытыыга-чочуйууга кэккэ санаалар бааллар. Билигин бу программа 600 оҕоҕо уонна онно эбии 150-200 төрөппүккэ бэрт сөп.
Рустам Каженкин,
дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы