Дьокуускай куораттааҕы саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын семинара
Бүгүн, олунньу 29 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа «Россия үөрэҕин сүрүннүүр Федеральнай государственнай стандарт ирдэбилинэн саҥа педагогическай ньымалары туттуу» 5 кылаас холобуругар куорат саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын семинара ыытылынна. Алын сүһүөх кылаас уонна орто сүһүөх утумнааһына хайдах тэриллэрин көрдөрдүлэр, кэпсэттилэр, санааларын атастастылар.
ФГОС ирдэбилинэн аһаҕас уруоктары, эбии дьарыктары учууталлар уонна кылаас салайааччылара 5 кылааска ыыттылар. Үөрэҕи саҥалыы тэрийии дьарыгын учууталларга бөлөҕүнэн үлэлэтэн бырайыактарын көмүскээтилэр.
Семинар программата:
09.30-10.00 – Бэлиэтэнии
10.00-10.10 – Эҕэрдэ – «Ай-сулус» фольклорнай бөлөх (5 «а» кылаас)
10.10-10.50 – «Тыл көнө уонна көспүт суолтата» уруок (5 «б» кылаас) – Кириллина К.Т.
11.00-11.30 – Бырайыактааһын ньыматыгар дьарык – Анисимова Г.С., Никонова Н.Е., Кириллина С.Т.
11.35-11.45 – Уопсай орто үөрэхтээһин бырагыраамматыгар Россия үөрэҕин сүрүннүүр Федеральнай государственнай стандарт ирдэбилэ – Слепцова Е.А. (ахсаан учуутала)
11.45-11.55 – Утумнааһын: алын сүһүөххэ бэйэни сыаналаныы – Потапова Р.Е. (4 «а» кылаас салайааччыта)
12.00-12.30 – ФГОС ирдэбилинэн 5 кылаастарга кылаас таһынааҕы үлэни тэрийии – Ильина В.А. (5 «а» кылаас салайааччыта), Илларионова В.И. (5 «б» кылаас салайаач-чыта)
12.30- 13.00 – Санаа атастаһыы
Анна Соловьева,
Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия