«Ийэбэр, эйиэхэ….» айар күрэх
Ийэ… Ийэ… Күн сиригэр киниттэн күндү киһи суох. Ийэ барахсан баарын тухары олох баар, Ийэ барахсан баарын тухары Орто туруу бараан дойдуга үөрүү-көтүү, дьол- соргу, үрдүк өрөгөй, үтүөҕэ талаһыы, ил, эйэ баар. Туох барыта сайдар, төрүөттэнэр күндүттэн күндү киһиттэн - Күн Күбэй Ийэттэн… Ол да иһин Саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа маҥнайгы айымньытын ийэтигэр анаатаҕа...
«Ийэбэр, эйиэхэ….» саха норуотун суруйааччыта, сээркээн сэһэнньитэ
Н.Е. Мординов- Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах бастакы «Ийэ» диэн хоһоонун тиэмэтинэн Таатта улууһун уонна Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын икки ардыларыгар «Тыыннаах бырайыак» чэрчитинэн ыытыллыбыт үөрэнээччилэр хоһоон айар күрэхтэригэр Таатта улууһун Хара-Алдан, Дьохсоҕон, Харбалаах орто оскуолаларын, Дьокуускай куорат 17№, 38№, 31№, Саха политехническай оскуолатын 5-11 кылааһын үөрэнээччилэриттэн алта уонча оҕо кыттыыны ылла.
Ийэ оҕотугар тапталын курдук хаһан да мөлтөөбөт-ахсаабат, хаһан да уостубат төлөннөөх иэйииттэн атын ама туох иэйии баар буолуой!? Ол таптал сырдыктан сырдык, ыраастан ыраас, дириҥтэн дириҥ!
Эһиги ийэҕит кэрэ мөссүөнүн, сырдык уобараһын сурукка тиһэн хаһан да умнуллубат гына оҥорбуккут махталлаах дьыала! Айар үлэ аартыгын арыйан, өссө да айа-тута, суруйа сылдьаргытыгар, баҕарабыт!
Тэрийэр хамыыһыйа