Төрөөбүт тылым — барҕа баайым
Дьокуускай куорат 12-ис нүөмэрдээх оскуолатыгар олунньу 20 күнүгэр Төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадатын түмүктүүр «Төрөөбүт тылым — барҕа баайым»диэн ааттаах Аман өс күөн күрэһэ буолан ааста. Манна 5-11 кылаас төрөппүтэ уонна оҕото (барыта 7 дьиэ кэргэн) кэлэн төрөөбүт тылынан иитиигэ бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
5-6 кылаастар күөн күрэстэригэр бастакы миэстэни 6 «б»кылаас үөрэнээччитэ Иванов Ким ийэтэ Тамара Афанасьевналыын, оттон иккискэ 5 «в»Иванов Сарыал ийэтэ Светлана Семёновналыын ыланнар, үөрүүлэрэ муҥура суох.
Орто сүһүөх 7-8 кылааһын икки ардыларынааҕы күөн күрэскэ бастакы миэстэни 7 б кылаас үөрэнээччитэ Ермолаева Айыына ийэтэ Александра Николаевналыын ыллылар. Иккис миэстэҕэ 8 «б»кылаас үөрэнээччитэ Мучин Айкаар ийэтэ Клавдия Александровналыын таҕыстылар.
Үөһээ кылаастар икки ардыларынааҕы киирсии ордук тыҥааһыннаахтык ааста. Манна дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастакы миэстэҕэ 10 «б» кылаас үөрэнээччитэ Семенова Сандаара эдьиийэ Татьяна Александровналыын таҕыстылар. Иккис миэстэни 9 «б» кылаас үөрэнээччитэ Никита Пермяков аҕата Михаил Семеновичтыын ыллылар. Үһүскэ 11 «б»кылаас үөрэнээччитэ Лия Винокурова ийэтэ Ольга Сергеевналыын таҕыстылар.
Күөн-күрэһи «Эллээйик» фольклор бөлөҕүн оҕолоро, «Элик бэртэрэ» бөлөх уолаттара, Охлопков Дима бэйэлэрин чабырҕахтарынан, олоҥхолорунан, ону сэргэ хоһооннорунан киэргэттилэр.
Дьокуускай куорат 12-ис нүөмэрдээх оскуолата.