Сахалыы “Уус –уран ааҕыы үөрүйэҕин оҕоҕо иҥэрии” республика учууталларын семинара
Олунньу 15 күнүгэр Е. Ю. Келле-Пелле аатынан Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар “Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик” декадатын иһинэн, “Тыыннаах тыл” бырайыак чэрчитинэн “Уус-уран ааҕыы үөрүйэҕин оҕоҕо иҥэрии» практическай семинар куйаар ситиминэн ыытыллынна. Семинарга Дьокуускай куораттан, Тааттаттан, Мэҥэ-Хаҥаластан саха тылын уонна литературатын учууталлара, үөрэнээччилэрэ, Оҕо библиотеката, Оҕо ааҕыытын киинэ, Саха национальнай библиотекатын филиала, “Үүнэр көлүөнэ” тыйаатырын артыыстара уонна үлэһитэ кыттыыны ыллылар. Барыта холбоон 16 үлэ уопутун иһиттибит, көрдүбүт.
Семинары биһиги оскуола учуутала, куорат саха тылын уонна литературатын учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта, С.А. Новгородов аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Борисова М.Н. аан тылынан саҕаланна.
Семинар ыҥырыылаах ыалдьыттара Оҕо библиотекатын, Оҕо ааҕар киинин үлэһиттэрэ Аргунова М.Н., Ефремова Л.В., бэйэлэрин үлэлэрин туһунан умсугутуулаахтык кэпсээтилэр.
“Үүнэр көлүөнэ” тыйаатырыгар үлэлиир Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыскалара Марина Корнилова, Мария Данилова учууталларга, оҕолорго хоһоону үөрэтэргэ сүбэлэрэ, маастар-кылаастара уонна хоһоонноохтук ааҕыылара барыбытыгар холобур буолан ыытыллыбыт семинар суолтатын, көдьүүһүн өссө үрдэттилэр. Биһиэхэ барыбытыгар сонун сүүрээни олохсуттулар, саҥа санааны үөскэттилэр. Оттон “Үүнэр көлүөнэ” тыйаатырын администратора Андреева М.В. тыйаатыр үлэтин-хамнаһын, олунньу ый репертуарын билиһиннэрдэ.
Төрөөбүт тылы өрө тутан, кэлэр кэнчээри ыччаты үтүөҕэ, сырдыкка уһуйар, төрөөбүт тыл сүөгэйин-сүмэтин таптыырга үөрэтэр кэллиэгэлэрбит бэйэлэрин баай уопуттарын, сүбэлэрин истэн олус астынныбыт. Ону бигэргэтэн үөрэтэр оҕолоро Саха сирин суруйааччыларын айымньыларын өйдөрүттэн хоһоонноохтук ааҕан иһитиннэрбиттэрэ кэрэхсэбиллээх буолла.
Ол курдук, Харбалаах оскуола учуутала Кривошапкина Валентина Семеновна маастар-кылааһыттан кэпсээбитин, Таатта улууһун Тыараһа оскуолатын дириэктэрэ Полускин Петр Васильевич, Бүтэйдээх оскуолатын учуутала Борисова Анна Марковна ураты дьарыгын туһунан болҕойон иһиттибит.
Дьокуускай куораттан ЯГНГ, НГ “Айыы кыһата”, 31, 2, 21, 26 оскуолаларын учууталлара оҕоҕо уус–уран ааҕыы үөрүйэҕин хайдах иҥэрэллэрин, туох методиканы туттан үөрэтэллэрин, үлэлэрин уопуттарыт тан кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр.
Түмүгэр, манна мустубут учууталлар, ыалдьыттар ыкса ситимнээхтик үлэлэһэргэ сүбэлэстибит. Уус-уран ааҕыыны сайыннарарга, кэнчээри ыччаппыт дэгиттэр сайдыылаах, сахалыы тыыннаах, тыллаах буоларыгар санаабытын үллэһиннибит.
Пестерева Надежда Ильинична
Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх
орто оскуола саха тылын
уонна литературатын учуутала.