В.И.Босиков-Василий Босяк төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах “Босиковскай ааҕыылар”
Быйыл олунньу 8-13 күннэригэр лирик бэйиэт, СӨ суруйааччыларын сойууhун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара Василий Иванович Босиков-Василий Босяк төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Босиковскай ааҕыылары” Дьокуускай куорат Саха политехническай лиссиэйин саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын холбоһуга тэрийэн ыытта.
“Босиковскай ааҕыылар” литературнай ааҕыы аан маҥнай Уус-Алдан Дүпсүнүгэр ини-бии Босиковтарга ананан 1997 сыллаахха тэриллибитэ. Оттон Дьокуускайга "Босиковскай ааҕыылары" куорат 14 №-дээх оскуолатыгар аан маҥнай 2001 сыллаахха Василий Иванович бэйэтэ салайан ыыппыта.
Билигин “Босиковскай ааҕыылар” тэрээһин В.И. Босиков-Василий Босяк үбүлүөйдээх сылларыгар ананан ыытыллара үгэскэ кубулуйда. Ааҕыы иһинэн чинчийэр үлэ (оҕолорго, учууталларга аналлаах тус-туһунан хайысханан), уус-уран ааҕыы (биирдиилээн, бөлөҕүнэн), ырыа (соло, ВИА), айар үлэ, уруһуй, оҥоһук көрүүтэ диэн тус-туһунан көрүҥнэр өрүү киирээччилэр.
Быйылгы ааҕыылар хамсык турбутунан ураты быһыылаахтык Интэриниэт - Куйаар ситимининэн ыытылынна. Уус-Алдан, Таатта, Амма, Чурапчы, Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Ньурба, Булуҥ улуустара кыттыыны ыллылар. Уопсайа 429 оҕо өйтөн суруйуу, айар үлэ (хоһоон, кэпсээн, остуоруйа), онлайн-биктэриинэ, видеосурунаал көрүҥнэригэр кытынна. Өйтөн суруйууга (“Мин күүстээхпин төрөөбүт тылбынан”, “Түөспэр таптал төлөнүн тилиннэрдим”, “Ымыылаах ыра санаабын ырыа кынаттаан көтүттүм”, “Дьикти алыптаах геройдар өйбөр тиллэн кэллилэр”) түөрт тиэмэ бэриллибиттэн оҕолор ордук бастакы тиэмэни талбыттар. Бу суруйууларыгар төрөөбүт тылларын инники дьылҕатын туһунан толкуйдуулларын, долгуйалларын сыаналыыр сүбэ бэлиэтээтэ. Оттон айар үлэҕэ киирбит хоһооннор, кэпсээннэр, остуоруйалар тиэмэлэрэ киэҥэ, тыллара-өстөрө хомоҕойо дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө. Бу көрүҥнэргэ киирбит бастыҥ үлэлэр бэйиэт “Кэриэспин ыһар кырыһым” кинигэтигэр киириэхтэрэ.
Баһылай Босяк олоҕун, айар үлэтин кэпсиир кылаас чаастара ыытылыннылар. Онлайн быыстакалар үлэлээтилэр.
Саха политехническай лиссиэй учууталлара, үөрэнээччилэрэ кыттыылаах “Киэн туттар киһибит – В.И.Босиков”, “Олох улуу имииһит” видеоустуулар ютуб-ханаалга тахсыбытыттара. Сигэниилэрэ: https://youtu.be/IS9YmXHQ9IY, https://youtu.be/W5MXrVU-Vs8.
Нэдиэлэ чэрчитинэн Дьокуускай куорат Саха политехническай лиссиэйин уонна бэйиэт төрөөбүт дойдутун Уус-Алдан Дүпсүнүн орто оскуолатын 7 кылаастара онлайн көрүстүлэр, бэйэ-бэйэлэригэр В.И.Босиков туһунан кэпсээтилэр, хоһооннорун аахтылар. Мантан салгыы өссө бодоруһуох, билсиэх-көрсүөх буоллулар.
В.И.Босиков-В.Босяк төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Босиковскай ааҕыылар” олунньу 13 күнүгэр “Олох улуу имииһит” диэн ахтыы тэрээһининэн түмүктэннэ. СӨ суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэстээтэлэ, Саха народнай бэйиэтэ Иван Васильевич Мигалкин, Баһылай Босяк бииргэ үөрэммит доҕоро тыл үөрэҕин билимин дуоктара, бырапыассар Василий Васильевич Илларионов, Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт нуучча, саха тылларын кафедратын дассыана Шишигина Василиса Романовна, Саха политехническай лиссиэй дириэктэрэ Тимофеева Надежда Константиновна, СПЛ дириэктэрин солбуйааччыта Сергеева Изабелла Ананьевна, бэтэрээн учууталлар Попова Галина Гаврильевна, Малышева Елизавета Михайловна, Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына Баһылай Босяк туһунан истиҥ сылаас ахтыылара барыбытын долгутта. Саха политехническай лиссейин Өрөгөй ырыатын матыыбын ааптара, Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын муусука учуутала Надежда Яковлевна Макарова бэйиэт ырыаларын: “Санаа” (В.Босяк тыллара, О.Охлопкова мелодията), “Эрэл кыымнара” (В.Босяк тыллара, Д.Михайлов мелодията) толорон тэрээһини киэргэттэ. Надежда Яковлевна толорбут үһүс “Тыал” диэн ырыатын матыыбын эмиэ бэйэтэ айбыта.
Ити курдук быйылгы “Босиковскай ааҕыылар” киэҥ далааһыннаахтык аастылар. Бары кыттыылаахтарга истиҥ махтал тылбытын тиэрдэбит.
В.И.Босиков-В.Босяк олоҕо, айар үлэтэ.
Ульяна Заболоцкая,Дьокуускай куорат Саха политехническай лиссейин учуутала