Николай Денисович Неустроев төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи викторина – олимпиада

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускай куорат 17с №-дээх оскуолата саха литературатын төрүттэспит үс реалист суруйааччылартан биирдэстэрэ, сахалартан бастакы комедиограф, драматург, тылбаасчыт Николай Денисович Неустроев төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи викторина – олимпиада ыытта.

Маннык тэрээһин саха үбүлүөйдээх суруйааччыларын олохторугар, айар үлэлэригэр ананан үһүс сылын ыытыллар. Быйыл «Тыыннаах тыл” бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах оскуолалара уонна Таатта улууһа кытыннылар. Билиҥҥи кэм балаһыанньатыгар олоҕуран, күрэх куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна.

Күрэххэ Дьокуускай куорат Айыы кыһатын, Национальнай гимназия, Тулагы орто сокуолатын, 17с №х орто оскуола, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун, Игидэй орто оскуолатын 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ – барыта 19 оҕо кыттыыны ылла. Викторина Николай Неустроев олоҕор, айар үлэтигэр сыһыаннаах тест- сорудахтарынан оҥоһулунна.


Викторина- олимпиада түмүгэ таҕыста. Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит!
Бука бары кыттыбыт оҕолорго, үөрэнээччилэри бэлэмнээбит салайааччыларга тэрийэр бөлөх махталын тиэрдэр.

 

Попова М.М., «Тыыннаах тыл» бырайыак «Айар дьоҕур» түһүлгэтин салайааччыта.

Карта сайта

Орфографическая ошибка в тексте:
Чтобы сообщить об ошибке, нажмите кнопку "Отправить сообщение об ошибке". Также вы можете добавить свой комментарий.