«Кэрэчээнэ» оҕо саадын 55 сыллаах үбүлүɵйэ

Иэйэхситтээх Эркээни, Эҥсилгэннээх Элиэнэ эбэ хотуттар маанылаах балыстара улуу Туймаада туонатыгар дьол суолун тосхойбут дьоһуннаах дьоннордоох Хатас нэһилиэгэр күлэр күннээх оҕо саас үɵрэр-кɵтɵр, кэрэҕэ уһуйуллар айыы сырдык алаһата аан маҥнай алгыстаах аартыгын арыйбыта 55 сылын туолла.

Бу дьоҕус үбүлүɵй Саха сиригэр оскуола иннинэ үɵрэхтээһин 100 сылыгар түбэспитэ ураты суолталаах.

Хатаска 1965 сыл сайын совхоз үлэһиттэригэр кɵмɵлɵһɵр сыаллаах оскуола дьиэтигэр 50 оҕоҕо суутканан эргиччи үлэлиир оҕо площадката арыллыбыта. Сэбиэдиссэйинэн Анна Герасимовна Никифорова анаммыта. 1978 с. сэбиэдиссэйинэн Наталья Семеновна Петрова ананыаҕыттан ɵр сыллар устата оҕо саада олохтоох дьаһалтаны кытта бииргэ үлэлээһин түмүгэр үүнэн-сайдан, үлэтэ тупсан РСФСР үɵрэҕэриитин министерстватын Дьокуускайдааҕы филиалын экспериментальнай площадкатыгар тиийэ үүммүтэ. Бу сыллар устата тɵһɵлɵɵх элбэх үлэһит оҕо туһа диэн үлэлээн-хамсаан ааспыттара буолуой.

Сэтинньи 27 күнүгэр Галина Семеновна Николаева сэбиэдиссэйдээх «Кэрэчээнэ» оҕо саада араас сылларга үлэлээбит бэтэрээннэрин ZOOM ситим нɵҥүɵ эҕэрдэлээтилэр. Хаҥсык кэмҥэ хаайтаран олорор бэтэрээннэр экран нɵҥүɵ да буоллар бэйэ-бэйэлэрин кɵрсɵн долгуйа үɵрдүлэр. Дьокуускай куорат үɵрэҕириитин салалтатын начальнига Алексей Климентьевич Семенов сибээскэ тахсан оҕо саада сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит ытык дьоммутун эҕэрдэлээтэ. Саха норуоднай артыыһа Григорий Петров ырыанан киэргэттэ. Оҕо саадын киэн туттуулара ииппит оҕолоо – ыраах Америкаттан Юлия Иннокентьева, Ɵрɵспүүбүлүкэ Ил Дарханын кɵмɵлɵһɵɵччүтэ Ким Александрович Борисов, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Татьяна, Михаил Окороковтар эҕэрдэлээтилэр. «Арылы кустук» ситим салайааччыта Е.П.Чехордуна, Дьокуускай куорат үɵрэххэ салалтатын оскуола иннинээҕи үɵрэхтээһин отделын начальнига Елена Николаевна Почтаренко ситим нɵҥүɵ сибээһи тутан эҕэрдэлэрин эттилэр, тэрилтэ аатыгар алгыс тылларын анаатылар. Билигин СР үɵрэҕириитин туйгуна Галина Семеновна Николаева салайар Хатас детсада оҕо чугдаарар саҥатынан туолбут дыбарыас курдук икки саҥа тутуулардаах, элбэх үлэһиттэрдээх нэ шилиэк биир бастыҥ тэрилтэтинэн буолар.

Иитээччилэр оҕолор ийэ тылларынан саҥаран, уһуйуулары ылынан, ыырдара кэҥээн, айылгылара аһылларыгар, уйулҕалара уһуктарыгар олоҥхону олук оҥостон айымньылаахтык, олохтоохтук, ситимнээхтик үлэлииллэр.

 

Вера Старкова, «Кэрэчээнэ»  уһуйаан.

Карта сайта

Орфографическая ошибка в тексте:
Чтобы сообщить об ошибке, нажмите кнопку "Отправить сообщение об ошибке". Также вы можете добавить свой комментарий.