Олоҥхо алыптаах эйгэтин сэгэтэ...
Сэтинньи 21-25 күннэригэр, Олоҥхо күнүн көрсө дириҥ ис хоһоонноох, киэн хабааннаах, муниципальнай, республиканскай таһымнаах тэрээһиннэри: күрэхтэри, конкурстары, маастар- кылаастары, көрсүһүүлэри Татьяна Федотова салайааччылаах “Айылгы” этнокультурнай киин иилээн-саҕалаан тэрийэн ыытта.
Төрөөбүт төрүт олоҥхобут чахчы да бары өттүнэн алмаас таастыы күлүмүрдээн, остуоруйа кэрэ, умсулҕаннаах дойдутун арыйарын көрөн-истэн итэҕэйдибит. Ол курдук, “Айылгы” этнокультурнай киин педагогтара талба талааннарынан, Олоҥхо эйгэтигэр оҕону сиэтэн киллэрии ураты кистэлэҥин маастар- кылаастарыгар көрдөрдүлэр.
Евдокия Жиркова “Оллоонноон олорон” диэн маастар-кылааһыгар олоҥхоһут буоларга уһуйар дьарыгын сүрүн кистэлэҥнэрин кытта билистибит. Кырачаан 1-гы кылаас үөрэнээччилэрин уонна номнуо үгүс элбэх ситиһиилээх Арчын Новгородов толорууларыгар «Оҕо тулаайах», “Ала Хотой” олоҥхолортон быһа тардыылары истэн дуоһуйдубут. Олоҥхону тус бэйэтинэн ис сүрэҕиттэн таптыыр, сахалыы ис кутунан дьиҥ чахчы ылынар иитээччи –педагог, оҕону сааһыттан тутулуга суох сахалыы тыл сүмэтигэр, ураныгар умсугутар, уһуйар кыахтааҕын Евдокия Борисовна дьарыгын холобуругар көрдүбүт.
Салгыы “Олоҥхо алыптаах матыыба” ырыа түһүлгэтигэр “Дьиэрэй” вокальнай куруһуок салайааччыта Анастасия Третьякова ураты ыалдьыты ыҥыран олус истиҥ кэпсэтиини тэрийдэ. Ырыа түһүлгэтин ыалдьытынан Олоҥхо театрын артыыһа Анастасия Алексеева буолла. Кини кимий? Анастасия Алексеева Олоҥхо ыһыахтарыгар фольклор жанрдарын бары көрүҥэр тэҥнээҕин булбатах, үгүс-элбэх кыайыы өрөгөйүн билбит, эдэркээн талааннаах артыыс. Кини Олоҥхо эйгэтигэр хайдах уһуйуллан киирбитин туһунан кэпсээтэ. Дьоҕурдаах кыыс маҥнайгы уһуйааччытынан Вера Оконешникова буолбут. Вера Иннокентьевна биэс эрэ саастаах кыысчааҥҥа 15 страницалаах олоҥхону биэрбитин чаҕыйбакка, ийэтин кытта көмөлөөн үөрэппиттэрин, ол үөрэтэригэр төрүт салгыбакка, саллыбакка кэбэҕэстик ылынан, устунан умсугуйан барбытын туһунан кэрэ кэпсээҥҥэ тиһэн истээччилэри сөхтөрдө. Анастасия Васильевна бэйэтэ суруйбут “Кыргыһыыга көлүйэр кыыһар кыһыл аттаах Кыыс Урсун удаҕан” диэн олоҥхотун истэн, өссө төгүл кини талааныгар сүгүрүйэ, айар үлэтигэр алгыстаах айаны баҕара хааллыбыт.
Олоҥхоҕо дьиктилээхэй айылҕа көстүүлэрэ: сир – дойду, от-мас, кыыл -сүөл оһуор-мандар тыл күүһүнэн хоһуйуллан тыыннаах хартыына буолан ойууланаллар. Ол ойууланар орто дойду олоҕун уруһуйдуурга, киистэ тутуурдаах кырачаан худуоһунньуктары, кумааҕыга түһэрэр ис кыахтарын арыйан, саас сааһынан сааһылаан, олус өйдөнүмтүөтүк быһааран Эмилия Андреевна кыайа –хото тутан үлэлэттэ. Педагог дьарыгын оҕо сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, ону тэҥэ Олоҥхо курдук сүдү айымньы ис хоһоонун, уратытын олус судургутук, кэбэҕэстик быһааран, дьарык түмүгэр Аал луук мас арааһа дьэрэлийэн таҕыста. Онуоха хас биирдии оҕо биир эрэ дьарык болдьоҕор, ис кутунан тус-туспатык ылыммыт билимигэр олоҕурбут, бииртэн биир ураты тыыннаах, көстүүлээх олоҥхо Аал луук мастара иннибитигэр “үүнэн силигилээн таҕыстылар”. Бу буоллаҕа, оҕо айылгытын арыйар дьиҥнээх маастар-педагог үлэтин түмүгэ!
Олоҥхо геройдарын – айыы дьонун таҥнар таҥаһа-саба эмиэ олус тупсаҕай оҥоһуулаах, көрүөхтэн эриэккэс дьэрэкээн көстүүлээх. Ону таһынан хас биирдии киэргэл анал суолталаах, ис хоһоонноох буолар эбит. Дэлэҕэ даҕаны иистэнньэҥнэр олоҥхону тутан олорон иистэниэхтэрэ дуо?!
Бу туһунан Варвара Меркурьева «Биэс харах харысхал” диэн дьарыгар билиһиннэрдэ. Өй –санаа, эт-хаан өттүнэн харысхаллаах буолуу былыр да билигин да киһи –аймах олоҕун оҥкула буолар. Өбүгэлэрбит барахсаттар олох олоруу сүрүн ирдэбилин, сиэрин - туомун биири да сыыска -буорга түһэрбэккэ Олоҥхоҕо тиспиттэрэ киһини сөхтөрөр. Саха оҕотугар ону кыра сааһыттан такайан үөрэтии - тус бэйэ ис кутунан бэйэҕэ көмүскэллээх, харыстабыллаах буолууну ииттинии педагогикатын Варвара Михайловна маастар-кылааһыгар көрдөрөн оҕолорго, төрөппүттэргэ элбэх саҥаны арыйда.
Олоҥхо «иккистээн төрөөбүт» өрөгөй күнүн көрсө ыытыллыбыт үлэ түмүктэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга иһитиннэрии буолла. Дьокуускайдааҕы үөрэх салалтатын, үөрэххэ сайдыы отделын салайааччыта Ульяна Сыроватская бары учууталларга, оҕолорго, төрөппүттэргэ, үлэһиттэргэ Олоҥхо бэлиэ күнүнэн эҕэрдэтин тиэртэ.
Ульяна Сыроватская, Д.К.Сивцев –Суорун Омоллоон «Олоҥхо-саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа” диэн этиитигэр олоҥхону олох оскуолата оҥостуу- саха норуота тыыннаах буолуутун туоһута диэн этиитигэр олоҕуран, маннык тэрээһиннэр кэскиллээх, суолталаах буолалларын бэлиэтээтэ.
Оҕо айымньытын дыбарыаһын директорын солбуйааччы Галина Васильева, “Айылгы” этнокультурнай киин үлэтин хайысхата оҕону саха төрүт культуратыгар, төрөөбүт тылыгар сыһыаран иитии-үөрэтии - сүрүн сайдар туһаайыы буоларын этэн туран, энтузиаст, бэриниилээх үлэһиттэргэ махталын тириэртэ.
Өр сылларга оҕону Олоҥхо педагогикатынан уһуйбут биир идэлээхпит Наталья Мордовская, билигин үлэлии-хамныы сылдьар Зоя Сысолятина махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр. «Тыыннаах тыл” куруһуок салайааччыта, Лина Яковлева үөрэх салалтатын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланна.
Бастыҥ үлэлээх оҕолор наҕараадаларын тутан кыайыы үөрүүтүн биллилэр.
1.Олоҥхо ааҕыытын 1-гы аудио күрэҕин кыайыылаахтарынан буоллулар:
Капитонов Алеша, 38-с оскуола
Попов Тимур, 1-гы оскуола
Саввинова Кира, 17-с оскуола
Новикова София, 38 –с оскуола
Баишева Клара, 38 –с оскуола
Оҕочонова Арина, 38 –с оскуола
Попова Настя, 38 –с оскуола
Колодезникова Вика, Айыы кыьата.
2.“Олоҥхо дойдута” республикатааҕы уруһуй курэҕэр 131 үлэ киирбититтэн 51 бастыҥ үлэлээх оҕо бэлиэтэннэ.
Олортон «Кылаан Кыайыылаах» аатын сүктүлэр:
Иванова Сардана ( Сунтар, салайааччы- В.А. Акимова)
Постникова Надя ( Дьокуускай, Салайааччы –Э.А. Максимова), Григорьева Розалина ( 5 кылаас, Дьокуускай, Салайааччы- Е.И. Иванов),
Тартакынова Марина ( Дьокуускай, салайааччы-А.И.Алексеева).
Дьокуускай к. Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа.