Саха тылын учууталларын семинара
Олунньу 17 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия ХИФУ иһинэн тэриллибит “Сэргэлээх” оскуола саха оҕотун сайдар эйгэтин тэрийэр куорат оскуолаларын саха тылын учууталларыгар “КҮРҮӨЛЭНИИ – ТУС БЭЙЭҔЭ ТУҺААЙЫЫЛААХ БЭЙЭНИ САЙЫННАРАР ҮӨРЭХ СЭҺЭНЭ” семинары ыытта.
Семинарга оскуола сэһэнин автора, бөлүсүөпүйэ билимин хандьытаата Степанова В.Е. кытынна, тус бэйэҕэ туһаайыылаах бэйэни сайыннарар үөрэх сэһэнин билиһиннэрдэ. Алын сүһүөх учууталлара Поскачина В.С., Шишигина А.А. «Ситимэ суох толкуй – ситэтэ суох санаа» диэн билиҥҥи кэмҥэ сыһыаннаах тиэмэҕэ бэйэлэрин санааларын эттилэр, кэтээн көрүүлэрин кэпсээтилэр. Учууталлар ааҕыынан араас көрүҥнээх айымньылаах үлэни тэрийэр оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдыытыгар көмөтүн туһунан муспут уопуттарын истээччилэр сэҥээрдилэр. Саха тылын учуутала Аржакова А.И. олоҥхо уратытын, мускуйар мындырын туһунан бэйэтин санаатын эттэ. Дьокуускай куорат саха тылын учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта Борисова М.Н. кэлэр үөрэх дьылыгар Аграфена Ивановна олоҥхону үөрэтиигэ авторскай семинары ыытарыгар эттэ.
Бу тэрээһиҥҥэ элбэх учуутал кэлэн көхтөөх кыттыыны ылан “Сэргэлээх” оскуола сэһэнин, үлэтин-хамнаһын туһунан истэн-билэн сэҥээрбиттэрэ САХА ҮӨРЭҔЭР эрэли сахта, санааларын көтөхтө. Оскуола кэлэктиибэ бары кыттааччыларыгар, чуолаан, саха тыла сайдарын туһугар күүһүн-күдэҕин, бары кыһамньытын биэрэн туран үлэлиир методическай холбоһук салайааччытыгар Борисова Марианна Николаевнаҕа махталын эттэ.
Ийэ тылбыт – ийэ эйгэбит илгэтэ – үүнэ-сайда тур!
Аграфена Аржакова, саха тылын учуутала.