Сахалыы дьыктаан туһунан иһитиннэрии
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик декадатын чэрчитинэн олунньу 15 күнүгэр А.С. Пушкин аатынан Саха национальнай библиотекатын уонна ХИФУ саха салаатын хаапыдыратын көҕүлээһининэн сахалыы дьыктаан 7-с төгүлүн ыытылынна. Быйыл бу тэрээһин куоракка хас да сиринэн улуустарынан уонна Новосибирскай, Москва куораттарынан тэриллиннэ. Манна араас идэлээх дьон, саастарыттан тутулуга суох кэлэн, суруйда. Быйылгы дьыктаан үбүлүөйдээх суруйааччы Н.Д.Неустроев айымньыларыттан ылылларын туһунан эрдэттэн биллэриллибитэ. Суруллар тиэкистэр куораттарынан, улуустарынан уратылаахтар. Дьыктаан тиэкистэрин саха тылын хаапыдыратын үлэһиттэрэ уонна бу хаапыдыра салайааччыта б.н.х. Чиркоева Д.И. таҥан оҥордулар, үлэлэри эмиэ кинилэр бэрэбиэркэлээтилэр.
Дьокуускай куоракка сахалыы дьыктааны хас да сиринэн тарҕаһан суруйдулар. Ол курдук, Б.Г.Белинскэй аатынан уонна А.С.Пушкин аатынан национальнай бибилэтиэкэлэргэ, ону таһынан “Смарт” бибилэтиэкэҕэ күргүөмнээх үлэ барда.
Чуолаан А.С.Пушкин аатынан национальнай бибилэтиэкэҕэ 220 киһи 4 сааланан суруйдулар. Онно култуура миниистирэ Ю.С. Куприянов, НКИХ дииктэрдэрэ Э.Рудых, Р.Максимова уонна 26-с оскуола саха тылын учуутала Борисова М.Н., Б.Г.Белинскай аатынан национальнай бибилэтиэкэҕэ НКИХ дииктэрэ П.Кулаковскай, 23-с оскуола учуутала В.С.Гаврильева, “Смарт” бибилэтиэкэҕэ телевидения дириэктэрэ О.Колесов-Талбан чөллөркөй куоластарынан дьыктаан тиэкиһин аахтылар. Б.Г.Белинскай аатынан национальнай бибилэтиэкэҕэ 48 киһи суруйда.
Н.Д.Неустроев “Балыксыт” кэпсээниттэн 300 тыллаах кэрчиги кэлбит дьоннор кыайа-хото тутан суруйдулар. Үлэ эбии сорудаҕын да соччо ыарырҕаппатылар.
Дьокуускай куорат учууталлара 3 сиринэн тарҕаһан суруйдулар. Бу дьыктааҥҥа атын биридимиэт учууталлара эмиэ көхтөөхтүк кытынналар.
Сахалыы дьыктаан түмүгэ олунньу 20 күнүгэр билиннэ. Уһулуччу бастыҥнар ахсааннарыгар, уопсайа олох алҕаһа суох 14 киһи, биир-икки алҕастаах, уопсайа 32 киһи суруйбут. 4 сыанаҕа суруйбут киһи ахсаана элбэх.
Алексеева С.В. Дьокуускай куорат 32-с оскуолатын саха тылын учуутала уонна 20-с оскуола учуутала Федорова М.М. биир да сыыһата суох суруйан Добун суругунан бэлиэтэннилэр.
Атын да предмет учууталлара дьыктааны 4,5 сыанаҕа суруйдулар.
Сахалыы дьыктааны суруйа кэлбит дьон сүрүннээн cурук бэлиэтигэр уонна күннэтэ туттуллубат тыллары таба суруйууга ыарырҕаталлар эбит. Быйылгы дьыктаан түмүгэ атын сыллардааҕар лаппа тупсубут. Онон, маннык тэрээһин утумнаахтык ыытыллара, дьон-сэргэ төрөөбүт тылын билэригэр көҕүлүүр уонна Дьокуускай куоракка сахалыы эйгэни сайыннарарга күүс-көмө буолар.
Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолатын
учуутала Борисова М.Н.
#nb_sakha #сахалыы диктант