Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа тиһиктээх үөрэтии тосхоллорун тобуларга туһуламмыт тэрээһин ыытылынна
Олунньу 13 күнүгэр А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа "Задачно-проблемный подход в обучении" тиһиктээх үөрэтии тосхоллорун тобуларга туһуламмыт тэрээһин ыытылынна.
Оҕо үөрэнэр соругун бэйэтэ туруорунарыгар, учуутал оҕо иннигэр туруорар сыалын, оҕо ону толороругар туттуохтаах ньыматын, хоруйун арааһын, онно табыгастаах эйгэни хайдах тэрийиэн сөбүн эрдэттэн толкуйдаан кэлиэхтээҕин, туох үлэ ыытыллыахтааҕын туһунан киэҥ кэпсэтии буолла. Бу дьаһалга гимназия кэлэктиибэ көхтөөх кыттыыны ылла. Алын сүһүөх учуутала Петрова Ольга Вадимовна, ааҥгылыйа тылын учуутала Дьячковскай Егор Николаевич, "Сэргэлээх" оскуола-лаборатория ахсааҥҥа учуутала Осипова Дария Петровна аһаҕас уруоктары ыыттылар. Учууталлар бу үс уруокка үөрэнээччи быһыытынан үлэлээн, үөрэх хаамыытын иһиттэн көрөн, сэргэхсийдилэр, саҥа ньыманы туттарга, олоххо киллэрэргэ бэлэмнэрин, баҕалаахтарын биллэрдилэр.
Гимназия кэлэктиибэ сааскы каникул кэмигэр эмиэ маннык практическай хабааннаах дьаһал ыытарга быһаарыныы ылынна.
Анна Соловьева.