Оҕо айымньытын Дыбарыаһыгар сахалыы дьыктаан
Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата кини тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр; хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар.Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.
Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн, олунньу 5 күнүгэр Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар, куорат 7-11 кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар, бастакытын сахалыы дьыктаан ыытылынна. Бу куорат оскуолаларын саха тылын, литературатын учууталлара уонна эбии үөрэх уһуйааччылара бииргэ үлэлиир былааннарын иһинэн тэрилиннэ. Барыта 79 үөрэнээччи- оскуола түһүмэҕин кыайыылаахтара, сахалыы таба суруйууга бэйэлэрин кыахтарын тургуттулар. Ол курдук, Тулагы, Марха, Хатас уонна киин оскуолала үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.
Дьыктаан тиэкиһин Дьокуускай куораттааҕы үөрэх салаатын үөрэҕи сайыннарар салаата бэлэмнээтэ. Дьыктаан ис хоһооно Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт, онон бүгүн ити бэлиэ күнү эмиэ ахтан-санаан аастыбыт.
Түмүк олунньу 13 күнүгэр Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар “Алгыстаах сахам тыла” фестивальга тахсар.
Оҕо айымньытын дыбарыаһа Дьокуускай к.