Үөрэ-көтө оонньуубут - билиигэ, көрүүгэ дьулуһабыт
Тохсунньу 24 күнүгэр №82-дээх “Мичээр” уһуйааҥҥа оскуолаҕа киириэн иннээҕи үөрэхтээһин 100 сылыгар аналлаах, сахалыы тылынан иитэр-сайыннарар уһуйааннар ассоциацияларын тэрээһининэн «Үөрэ-көтө оонньуубут-билиигэ, көрүүгэ дьулуһабыт» диэн семинар-практикум буолан ааста. Семинарга барыта 45 иитээччи кыттыыны ылла.
Семинар аһыллыытыгар“Чугдаарар чуорааннар» ансаамбыл оҕолорун толоруутугар сахалыы норуот ырыаларын музыкальнай инструменнарынан доҕуһуоллатан олус сэргэхтик толорон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.
Салгыы Попова Л.В., педагогическай наука кандидата, Педагогическай институт М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи Федеральнай университет оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин кафедратын сэбиэдиссэйин солбуйааччыта «Кустук», бырагыраамма тускула, сыалын, соруктарын, аналын, уратытын, методологическай өрүттэрин, сүрүн принциптэрин туһунан сиһилии сырдатта.
“Мичээр” уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн иитээччилэрэ Григорьева С.А., Аргунова М.Г., “Үп-харчы өйдөбүлэ» диэн оруоллаах оонньууну, Жерготова А.И., Васильева М.И., Иннокентьева Н.Ф. «Аптаах сиэл оонньуурдара» диэн маастар-кылааһы үрдүк таһымнаахтык ыыттылар. 70-нүөмэрдээх Кэрэчээнэ уһуйаан иитээччилэрэ Степанова Е. И., Олесова Е.В., бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар ыыппыт“Бэйбэрикээн эмээхсин сорудахтара”дьарыктарын кэрэхсээн бэлиэтээтилэр.
Тимофеева В.Г., Молонова А.Д., «Байанай оонньуулара», Никифорова З.С. “Ийэм, аҕам буоламмын бары бииргэ ааҕабыт” бырайыактарын үлэлэрин билиһиннэрдилэр. 52-дээх Кэскил уһуйаан иитээччилэрэ “Араас ньыманан оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы» диэн маастар-кылаастара элбэх сонун хайысхалары, саҥа технологияларын кэрэхсэбиллээхтик көрдөрдүлэр.
Түмүгэр семинар-практикум кыттыылаахтара олус туһалаах, наадалаах тэрээһини тэрийэн ыыппыттарыгар:ЗахароваС.М., сахалыы тылынан иитэр-сайыннарар уһуйааннар ассоциацияларын салайааччытыгар, Трофимова Ю.И., №82-дээх “Мичээр” уһуйаан салайааччытыгар,Сизых А.Ф.,№82-дээх“Мичээр”уһуйаан сүрүннүүр иитээччитигэр истиҥ махталларын, айымньылаах үлэлэригэр ситиһиилэри, төрөөбүт тыл үүнэ-сайда, чэчирии турарыгар баҕа санааларын тириэртилэр.
Дьокуускай к. №82-дээх “Мичээр” уһуйаана.