Мин ыра санаам куорсуна
17 оскуола 2 «В» кылааһын үөрэнээччитэ Березина Туйаана 7 сааһытан көтөр түүтүн хомуйар. Туйаана көтөр түүтүттэн араас карнавальнай, концертнай көстүүмнэри оҕо эрдэҕиттэн көрөр этэ. Онон түү туохха туттулларын билэрэ. Кини хас сайын аайы Уус –Алдан Бөттө нэһилиэгэр эбэтигэр сайылыыр.
Туйаана чугас ойуурга доҕотторун кытта тахсан көтөр түүтүн хомуйар. Учуутала Ольга Прокопьевна үөрэнээччитин интэриэһинэй дьарыгын таба көрөн, төрөппүттэрин Любовь Игнатьевна Максим Викторович кытта сүбэлэһэн бырайыак курдук оҥорторбута. Көтөр түүтүнэн араас сувенирдары, киэргэллэри оҥорорго Туйаананы бэйэтэ студиялаах Нюргуйаана Корякина үөрэтэр.
Туйаана 10-ус республиканскай “Ступеньки к творчеству” диэн научнай-практическай конференцияҕа “Мин ыра санаам куорсуна” диэн бырайыгын дьүүл сүбэтэ олус кэрэхсээтэ. Бу предпринимательскай хардыыга оҕо бырайыагар киирбит саҥа көстүү буолар. Бырайыак формата “Бизнес-былаан” курдук оҥоһуллубутун кэрэхсээтилэр. Хас биирдии көтөр куорсунун сыаната прай-лиискэ ыйыллыбыт, маркетинг-былааҥҥа хайдах хайысхаларынан бу көтөр түүтүн атыылыахха табыгастааҕа кытта суруллубут.Туйаана Саха сирин көтөрдөрүн арааһын сиһилии билбит. Куорсуннарын кээмэйинэн, өҥнөрүнэн сааһылаабыт.
Куорсуну ийэтин, эбэтин кытта сууйарга-тарыырга, кырааскалыырга үөрэммит. Туйаана дьыалатын сүрүн туһанааччылара -айар эйгэ үлэһиттэрэ эбит. Ол курдук театрдар куулунан куорсуҥҥа наадыйаллар эбит. Онон Туйаана ордук саас, сайын элбэх түүну хомуйарга дьулуһар. Онуоха аймахтара, дьиэ кэргэнин доҕотторо, биир дойдулаахтара түү ыытан көмөлөһөллөр эбит. Туйаана көтөр түүтун хомуйарын элбэх дьон билэн, түү ыытыан баҕалаахтар да көстөн иһэллэр. Дьоно хоту улуустартан үрүҥ хаас түүтүн сакаастаан ылаллар. Туйаана хомуйбут көтөр түүтүттэн “Кыыс хопто” диэн спектакльга дьикти кэрэ көстүүмнэри оҥорбуттар.Туйаана кэпсииринэн Саха сиригэр 291 көтөр көрүҥэ баар эбит, олор 19 этэрээккэ арахсаллар. Хаастыҥылар 43 көрүҥ,онно кус, хаас, куба көрүҥнэрэ киирсэллэр. Тоҥсоҕойдуҥулар 7 көрүҥ. Мэкчиргэҥилэр 9 көрүҥ. Бу көтөрдөртөн икки сүүсчэкэтэ сылаас дойдуларга көтөллөр. Дьон ордук наадыйар хаас, суор, тураах,хопто, хаххан, элиэ, кус түүтүгэр диэн бэлиэтээбит. Учуутала бэлиэтииринэн тулалыыр эйгэ бырагыраамматыгар оҕолор ордук көтөрдөрү үөрэтэргэ ырырҕаталлар эбит. Онон Туйаана “Мин ыра санаам куорсуна” бырайыга кылаас оҕолорун бу темаҕа интэриэстэрин көҕүлээбит. Бииргэ үөрэнэр доҕотторо Туйаана дьарыгын олус интэриэһиргээн истибиттэрэ, бэйэлэрин дьарыктарын туһунан кэпсээбиттэрэ. Онон хас биирди үөрэнээччи сөбүлүүр дьарыга инники өттүгэр талан ылар идэтигэр да кубулуйара саарбахтаммат. Туйаанаҕа ситиһиини баҕарабыт, ыра санаатын толорорго дьулуһарынан киэн туттабыт!
Суруйда Попова О.П. 17 оскуола “в” кылааһын салайааччыта.
Ааптар хаартыскалара.