Республиканскай «ДоҕуҺуол» уҺуйаан буолан ааста
Сэтинньи 16 күнүгэр Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ МБТ «Арчы дьиэтэ» духуобунай культура киинэ, Республиканскай “Тыыннаах тыл” бырайыагынан үлэлиир Дьокуускай куорат саха тылын учууталларын түмсүүтэ Саха национальнай инструменнарын сайыннарыыга,толорууга маастырыстыбатын үрдэтиигэ аналлаах Республиканскай «ДоҕуҺуол» уҺуйаан буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ Намтан,Ньурбаттан, Бүлүүттэн, Дьокуускай куорат эбии үөрэхтээһинэ ,Тулагы орто оскуолата көхтөөхтүк кытыннылар.
Сергей Зверев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үҥкүүтүн театрын «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх салайааччыта Анна Томская, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин иҺинэн тэриллибит «Күн дьоно» этнофольклор салайааччы Евдокия Павлова, Кыраайы үөрэтээччи, Россия уонна Саха республиктын суруйааччыларын чилиэнэ, саха национальнай инструменнарын маастара Николай Николаевич Аржаков –Боло Уус маастар кылаас оҥордулар.
Тэрээһин фольклор уонна саха национальнай инструменнарын нѳңүѳ оҕону сайыннарыыга үлэ саҥа хайысхаларын кѳрдүүр сыаллаах ыытылынна.
Онон күргүөмүнэн турунан саха национальнай инструменнарын ыччакка тиэрдэр олук уурулунна.
Кэлбит дьон улаханнык махтанан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата.