Саха оҕотун төрөөбүт тылыгар уһуйан иитии
Сэтинньи 3 күнүгэр биһиги, 17 оскуола 2 “в” кылааһын төрөппүтүн кэмитиэтэ “Россия-моя история” пааркаҕа буолбут “Саха оҕотун төрөөбүт тылыгар уһуйан иитии” диэн бэстибээлгэ оҕолорбутун кытаннардыбыт.
Биһиги оҕолорбут саха тылын биридимиэт эрэ быһыытынан үөрэтэр нуучча кылааһыгар үөрэнэллэр. 33 оҕоттон 9 эрэ оҕо сахалыы саҥарар этэ. Билигин кылаас оҕото барыта саха тыла мин төрөөбүт тылым эбит диэн кыһанан үөрэтэр буолла. Ол түмүгэр оҕолорбут саха тылын таптааччылар бэстибээллэригэр баран алгыс тылын эттилэр, оһуохайдаатылар.
Кылааспыт салайааччыта Ольга Прокопьевна үөрэппит "Алгыс” композициятын бэстибээл арыллыытыгар көрдөрдүбүт. Дэйбиирдээх ункууну төрөппүт Потапова Марианна Юрьевна кыһанан туруорбутугар махтанабыт.
Төрөппүттэр уонна оҕолор “Эрэл” диэн түмсүүтэ “Мин сахалыы аатым ыйдарынан суолтата” диэн маастар-кылаас ыытта. Төрөппүт Хойутанова Ньургуйаана Авксентьевна сахалыы ааттар суолталарынан открытка онорбута, харысхал бэлиэлэри туспа карточкаҕа таһаарбыта дьон кэрэхсэбилин ылла. Истээччилэр төрөөбүт ыйдарынан ,күннэринэн сахалыы ааттарын ис хоһоонун олус сөбүлээн аахтылар, харысхал ойуулары сэргээтилэр.
Оҕолорбут Ильина Айта, Угапьева Дарина,Алексеева Кристина, Хоютанов Олег, Герасимов Вова,Спиридонов Проня сахалыы ааттар открыткаларын ис хоһоонун сиһилии кэпсээтилэр, истээччилэр ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Саха тылын норуокка тарҕатааччылар Семенова С.С "Оҕом тылын мэтириэтэ", Скрябина Т.А. “Дорҕоон үөрэҕэ”, Никитина Вилюяна “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү улэтин туьунан лиэксийэлэри сэргээтибит. Эдэр ийэлэр “Күөрэгэй” түмсүүлэрин салайар Туйаара Алааска бэстибээли тэрийбитигэр махтанабыт.
Оҕолорбутун иитиигэ бу хоһооҥҥо этиллэр мадьыалы сөптөөҕүнэн ылынныбыт.
Хантан хааннаах,
Кимтэн кииннээх,
Иннинэн сирэйдээх,
Кэннинэн кэтэхтээх,
Уҥа диэки көр-эйэҕэс,
Хаҥас диэки хайыс-сайаҕас,
Утары көр-уйаҕас,
Саха киhи оҕото
Саҥаран барда диир буоллаххытына,
Кырабын көрумэҥ,
Сытыыбын, чобуобун, ааҕабын, суоттуубун
Ымыы курдук ыллыыбын,
Хотой курдук хорсуммун,
Кулунчуктуу ойобун,
Табалыы сырсабын!
Көрүн-истиҥ, сэргэҕэлээн,
Хоодуот оҕо Кирилл-Дойду буолабын.
Үөрэниэм, үрдүөм,
Үтүө киhи үүнүөм! (автор Попова О.П.)
Төрөөбүт ыйбынан сахалыы аатым Дойду. Суолтата – сирдээх-уоттаах төрүт дойдулаах киһи диэн.
Дьяконова Наталья Дмитриевна, 17 оскуола 2 «В» кылааһын төрөппүт кэмититэтин салайааччыта.