Дьокуускай куорат саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын сэминээрэ
Алтынньы 28 күнүгэр Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар “Россия үөрэҕин сүрүннүүр Федеральнай государственнай стандарт ирдэбилигэр олоҕурбут ньымалары туһаныыга” куорат саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларыгар сэминээрэ ыытылынна. Сэминээргэ Дьокуускай куорат оскуолаларыттан 30-тан тахса саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт культууратын учуутала кыттыыны ылла. Бу тэрээһини 26 нүөмэрдээх орто оскуола учууталлара Борисова М.Н., Пестерева Н.И. иилээн-саҕалаан ыыттылар. Киирии тылы Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолатын уопсай үөрэхтээһин ис хоһоонугар дириэктэри солбуйааччы Саввина К.С. эттэ.
Манна бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын, уопуттарын Борисова М.Н., ПестереваЕ.Н, Пестерева Н.И., Аммосова М.Н. кэпсээтилэр. Дьокуускай куорат саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын методическай холбоһук салайааччыта Борисова М.Н. “Дьокуускай куорат саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын методическай холбоһугун сайдар саҕахтара” диэн холбоһук үлэтин, былаанын торумун, бырайыактарын, тэрээһиннэрин сырдатта. Чуолаан, “Тыыннаах тыл” бырайыак , үлэтин-хамнаһын тула, салгыы ону сайыннарар туһунан кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолла.
Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын методическай холбоһук салайааччыта Пестерева Н.И. Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа ФГОС чэрчитинэн ыытыллар кылаас таһынааҕы эбии дьарыктааһын “Талааннаах үөрэнээччилэри сайыннарыы, дириҥэтэн үөрэтии” бырайыак иһинэн үлэлиир “Сахалыы саҥаны сайыннарыы оҕо киһи быһыытынан сайдар кэскилэ” бырайыак үлэтин сиһилии көрдөрөн кэпсээтэ.
Саха тылын учуутала Пестерева Е.Н. “Саха төрүт үгэстэрин литэрэтиирэ уруогар үөрэтии ньымалара” диэн практическай суолталаах үлэтин уопутуттан үллэһиннэ. Төрүт култуура учуутала Аммосова М.Н. “Саха сэбиэскэй литэтиирэтин төрүттээччи П.А. Ойуунускай айымньыларын орто сүһүөх кылааска үөрэтии” үлэтин уопутуттан кэпсээтэ.
Сэминээргэ кыттыбыт учууталлар үлэ сыллаа5ы былаанын билсэн, санаа атастаһан, саҥаны-сонуну көрөн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын уонна лиитэрэтиирэтин учууталлара Борисова М.Н., Пестерева Н.И.