Тимофей Сметанин айар үлэтинэн викторина-олимпиада ыытылынна
Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатыгар саха буойун – суруйааччыта, поэт, драматург Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Сирдээҕи дьолу билэбин” куораттааҕы викторина- олимпиада ыытылынна.
Быйыл Дьокуускай сахалыы тыллаах оскуолаларыгар саха суруйааччыларыгар аналлаах олимпиада-викторина иккистээн ыытылынна. Былырыын оҕолор Платон Ойуунускай айымньыларынан билиилэрин тургуппуттара. Бу сырыыга олимпиада-викторина оҕо суруйааччыта Тимофей Сметанин айар үлэтигэр ананна.
Тэрээһини куорат саха тылын уонна литературатын учууталларын методическай холбоһуга, 17-с оскуола библиотеката, иитэр үлэҕэ отдела, ону тэҥэ оҕо уонна ыччат киинин кыраайы үөрэтэр салаата тэрийдилэр. Манна куорат сахалыы тыллаах оскуолаларыттан 8-11-с кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Быйыл алта оскуолаттан барыта 40 оҕо кэлэн Тимофей Егорович олоҕор, айар үлэтигэр билиилэрин тургутустулар.
Викторина-олимпиада кыттыылаахтарын директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Оксана Ивановна Борисова эҕэрдэлээтэ. Саха тылын уонна литературатын учуутала Попова Мария Матвеевна, оскуола библиотекатын сэбиэдиссэйэ Пелагея Алексеевна кылгас киирии тылы этэн туран оҕолорго ситиһиилэри баҕардылар.
Викторина- олимпиада түмүгэ алтынньы 21 күнүгэр дылы биллиэҕэ, түмүктүүр дьаһал, кыайыылаахтары наҕараадалааһын Оҕо уонна ыччат киинин кыраайы үөрэтэр салаатыгар буолара былааннанар.
Пелагея Сивцева, 17-с оскуола библиотекатын сэбиэдиссэйэ.