“Добун дуораана” куонкурус үрдүк таһымҥа ааста
Кулун тутар 28 күнүгэр Дьокуускай куорат Саха политехническай лицейигэр үрдүк таһымнаахтык иккис төгүлүн ыытыллар “Добун дуораана” норуодунай инструменнарга оонньуур толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкурустара буолан ааста.
Бу күпсүүр дьикти дорҕоонугар абылаппыт, сахабыт норуотун баай култууратыгар, үгэһигэр уһуйуллар лицей иһинэн үлэлиир «Добун» норуодунай этнофольклорнай кэллэктиибин ааптарскай бырайыага буолар.
Ансаамбыл салайааччыта Саха Өрөспүүбүүлэкэтин култууратын туйгуна Марина Ильинична Сокольникова-Мохначевская «маьы ыллаппыт Мохначевскайдар дуо» дэппит Василий уонна Мария Мохначевскайдар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүт, кыратыттан саха омук инструменнарын тыаһыгар-ууһугар улааппыт, этигэр-хааныгар иҥэриммит киһи буолар. Добуннар күпсүүр охсон, хомуһу, айааны дуораһытан сахалыы тэтимҥэ уйдаран, музыка уустук, алыптаах айар абылаҥар ылларан, ис-истэриттэн кыһаллан, туруулаһан туран дьарыктаналлар. Ансаамбыл репертуарыгар Марина Ильинична авторскай композициялара, кэлиҥҥи кэмҥэ сүтэ быһыытыйбыт хабарҕа ырыата, норуот ырыалара, оһуохайа, саха поэттарын хоһоонноро, аныгы муусуканы кытта дьүөрэлэһэр тэтим уонна эстрадабыт биллиилээх артыыстарын кытта холбуу айымньылар бааллар. Төрүт дорҕоон тэтимин дьүөрэлии, туруоруллубут нүөмэрдэрин силигин ситэрэн, үҥкүү хамсаныыларынан оһуордаан-ойуулаан биэриитэ – ансаамбыл өссө биир саҥа сүүрээнэ, кэрэ кэскилэ.
«Добуннар» бэйэлэрэ элбэх күрэстэргэ, бэстибээллэргэ кытталлар. Ол курдук, Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллыбыт «Урмай Залида» түүр омук култууратын уонна ускуустубатын Аан Дойдутааҕы үһүс бэстибээлигэр, «Голос Арктики» фольклор Аан Дойдутааҕы бэстибээлигэр, «Хотугу сулус», «Бриллиантовые нотки», «Твой успех» куонкурустарын Гран-при хаһаайыттара. Астана, Сеул, Харбин, Вонджу, Пекин, Ницца, Монако, Сан-Ремо, Барселона, Россиябыт үгүс куораттарыгар, Сахабыт сиригэр ыытыллыбыт элбэх көрүүлэр лауреаттара.
Айымньылаах үлэ түмүгэ – «Добун» этнофольклорнай ансаамбыла Өрөспүүбүлүкэ бастын кэллэктииптэрин ахсааныгар киирэн «Грани алмаза» бириэмийэҕэ тиксиитэ, «Дети Саха-Азия» фонда стипендиата буолуута, уонна, биллэн туран, норуодунай үрдүк ааты ылыыта буолар.
Марина Ильинична Сокольникова-Мохначевская, “Добун” норуодунай этнофольклорнай кэллэктиибин салайааччыта:
- Билэргит курдук, култуура эйгэтигэр араас куонкурустар элбэхтэр. Ол гынан баран, норуот инструменнарыгар оонньуур анал ханнык да куонкурус, бэстибээл ыытылла илигэ. Онон ансаамбылым төрөппүттэрин кытта биир санаанан бырайыак оҥорон, суруйан, лицейбит администрациятыгар этии киллэрбиппит. Оскуола дириэктэрэ Надежда Константиновна Тимофеева, куруук да буоларын курдук, өйөөн, этиибитин ылынан, былырыыҥҥыттан саҕалаан, быйыл иккис сылбытын «Добун дуораана» куонкуруспутун ыыттыбыт. Төрөппүттэрим биир киһи курдук, саба түһэн, тэрийэн, өссө биир улахан үлэбит түмүктээх буолла диэн үөрэбит.
Бэстибээлгэ өрөспүүбүлүкэбит талааннаах оҕолоро, биирдиилээн толорооччулар, саха норуотун инструменнарын ансаамбыллара, оҕо оркестрдара, бэйэлэрин дьоҕурдарын, айымньылаах үлэлэрин көрдөрөн, күөн-көрсөн, уопут атастаһан, барыта 300-чэкэ оҕо кыттыыны ылла. Манна Мииринэй, Верхоянскай, Ньурба, Горнай, Амма, Аллараа Бэстээх уо.д.а. улуустартан кыттааччылар кэлбиттэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ иккис сылын СӨ үтүөлээх артыыһа, «Душа России» государственнай бириэмийэ лауреата, үгүс ыччаты хомуска үөрэппит, уһуйбут «Айархаан бырайыак ааптара уонна салайааччыта, Аан Дойду виртуоз хомусчута Альбина Дегтярева, ону тэҥэ М.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна Анастасия Каженкина үлэлэстилэр.
Түмүк бөлөхтөрүнэн араарыллан таҕыста, ансаамбылларга уонна биирдиилээн толоорооччуларга Добун суруктары, сахалыы чорооннору туттаран лауреаттар ааттаннылар. «Добун дуораана» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкурус Гран-при үрдүк аатын Миирнэй Айхалыттан сылдьар Алена Платонова салайааччылаах «Айталы» этно-бөлөх сүктэ. Кинилэргэ сыллата бэриллэр бэйэм анал бирииспин Горнайдааҕы норуот инструменнарын оҥорор Мария уонна Василий Мохначевскайдар ааттарынан мастарскыайтан 10000 тыһ. суммалаах сертификат туттардыбыт. Эмиэ үгэс быһыытынан лицейбит дириэктэрэ Надежда Константиновна Тимофеева 5000 сууммалаах сертификата, «Добун» вокальнай бөлөҕө (салайааччы Альбина Шубина) 4000 суммалаах сертификата, ансаамбылым оҕолоро бэйэлэрэ талан ылбыт портативнай колонкалар, ону таһынан быйылгы куонкуруспут спонсордарыттан анал бириистэр бэйэлэрин хаһаайыттарын эмиэ буллулар. Кыттааччылар, салайааччылар тэрээһиммитин үтүө тылынан сыаналаан барбыттарыттан үөрэбит.
Альбина Дегтярева, дьүүллүүр сүбэ бэрэсэдээтэлэ:
- Марина Ильиничнаны кытары элбэхтик бииргэ алтыһан үлэлээтибит. Куорат оҕолорун сахалыы тыыҥҥа иитэ сылдьарын көрөн наһаа хайҕыыбын. Кини иитиллээччилэрэ биһиги кэнсиэртэрбитигэр күпсүүргэ, хомуска оонньоон куруук кытталлар. Онон, оҕолору иитиигэ биир хайысхаҕа биир санаалаах үлэлии сылдьабыт.
Бэстибээл-куонкурус туһунан этэр буоллахха, кыттааччылар оонньуур таһымнара, маастарыстыбалара балайда үрдүк. Оҕолор бэлэмнээхтэрин, сценическэй култуураларын, салайааччылар репертуары сөпкө аттаран үлэлииллэрин бэлиэтээтибит. Холобур, Ньурба ыччаттарын сэргии иһиттим. Кинилэр саха инструменнарын холбоон, бүтүн оркестровай муусуканы оонньоотулар. Оҕо уһуйаанын кырачааннара ньуосканы араастык тыаһатан, охсуу тэтимин баһылыыр кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Аллараа Бэстээх аккордеонистара Валерий Ноев норуокка сөбүлэппит матыыптарын олус иэйиилээхтик толоруулара, кинилэр учууталлара хас биирдии оҕотун олус кыһамньылаахтык дьарыктыырын итэҕэттэ. Мирнэй Айхалыттан кэлбит нуучча оҕолоро “Айархаан” ансаамбыл стилинэн уонна репертуарыттан попурри толорон долгуттулар. Ити курдук, кыттааччылар бииртэн-биир инструмеҥҥа талааннаахтык оонньуохха, инструменнары араастык дьүөрэлээн тыаһатыахха сөбүн кэрэһэлээтилэр. Арай, быйыл хомуска, кырыымпаҕа оонньуур ансаамбыллар аҕыйахтар, ол оннугар толорор хаачыстыбалара тупсубут. Инникитин муусука оскуолаларыгар, кылаастарыгар устурууналаах-смычковой инструменнарга оҕолору элбэхтик үөрэтэллэригэр баҕа санаабытын эттибит. Оҕолор ис сүрэхтэриттэн кыһаллан араас инструменнарга оонньуулларын көрөр олус долгутуулаах.
Татьяна Апросимова, төрөппүт, куонкурус ыытааччыта:
- Куонкуруһу тэрийии, биллэн туран, улахан үлэттэн тахсар. Маны биир-икки киһи кыайа туппат. Биһиги, ансаамбыл төрөппүттэрэ, сүрдээх түмсүүлээхпит дии саныыбыт. Ханна-туох наадатынан, ким-тугу сатыырынан, туора турбакка, көмөлөһөн, сүүрэн-көтөн, спонсордары булан-кэпсэтэн, ким эрэ бириис ылыытыгар сылдьан, ким эрэ киэргэтиигэ эппиэттээн, кэлбит кыттааччыларбытын көрсөн-атааран, докумуоннарын толорон, быһата эттэххэ, чахчы түмсүүлээх буоламмыт тэрээһиммит этэҥҥэ ааста диэн сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар. Уонна оттон оҕолорбут тэбис тэҥҥэ бэйэбитин кытары туох баар тэрээһин үлэтигэр барытыгар сүүрэ-көтө сылдьаллара эмиэ туспа үөрэх буоллаҕа. Улахан махталбытын тиэрдэбит биһиги спонсордарбытыгар.
«Добун дуораана» норуодунай инструменнарга оонньуур толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһуттан кыайыы кынаттанан муусука кэрэ эйгэтигэр дьарыктана сылдьар эдэр ыччат дьоммут өссө сайдан, үүнэн, ситиһиилэрэ үксүү турдун.
Саха политехническай лицей «Добун»
норуодунай этнофольклорнай ансаамбыл сүрүн тэрийэр бөлөҕө.