12-с нүөмэрдээх оскуолаҕа Ийэ тыл декадатын түмүктүүр икки улахан тэрээһин ыытылынна.
Кулун тутар 2 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар Ийэ тыл декадатын түмүктүүр икки улахан тэрээһин ыытылынна.
Орто сүһүөх 5-8 кылаастарга Аман өс күөн күрэһэ, оттон улахан сүһүөх 9-11 кылаастарга Иван Гоголев хоһооннорун уус — уран ааҕыы күөн күрэс буолла. Манна кылаас аайыттан балаһыанньа быһыытынан биир уол, биир кыыс уонна төрөппүт кытыннылар. Аман өс тиэмэлэрэ :»Ааҕыы тоҕо нааданый?»,»Үчүгэй кинигэ — үтүө сүбэһит «, «Мин сөбүлээн аахпыт кинигэм «.
Бу тэрээһиҥҥэ 1 миэстэ 8 «б» кылаас, 2 миэстэ -7 «б» кылаас, 3 — 6 «б»кылаас таҕыстылар, оттон биһирэбил бирииһи 5 «б» кылаас ылла. Иккис күөн — күрэскэ 11 «б» кылаас — 1-кы, 9 «б» кылаас — 2-ис, 10 «б» кылаас — 3-үс миэстэни ыллылар. Бу икки оҕону төрөөбүт тылга тапталга иитэр тэрээһин дьүүллүүр сүбэтинэн уонна спонсордарынан «Бичик » кинигэ кыһата, «Кэскил » хаһыат буоллулар. Сахалыы таҥастаах, Ийэ тылларын кэрэхсиир оҕолор ортолоругар көрөөччүлэр Саша Боескорову (8 «б» кылаас ) Аман өскө иҥнигэһэ суох санаатын сайа этэрин, оттон улахан сүһүөххэ 11 «б» кылаас төрөппүтэ Римма Гаврильевна уонна бу кылаас үөрэнээччитэ Лугинов Дуолан хоһоону олус иэйиилээхтик аахпыттарын бэлиэтээтилэр.
Эдэр саас хаһыат кэрриспэндьиэнэ сайтыгар маннык суруйар: "Төрөппүттэр кэнники кэмҥэ оҕо аахпат буолбутун ыйан туран, кинилэри хайдах аахтарыахха сөбүн туһунан санааларын, бэйэлэрин да өттүлэриттэн көмөлөһөргө бэлэмнэрин эттилэр. Төрөппүттэр бу кэнники кэмҥэ оҕо аахпат буолбутун ыйан туран, кинилэри хайдах аахтарыахха сөбүн туһунан санааларын эттилэр".
Бу тэрээһини саха тылын, литературатын учуутала Клара Борисовна Ксенофонтова иилээн — саҕалаан ыытта.
матырыйаалы биэрдэ 12-с нүөмэрдээх оскуола.