Литература уонна киинэ кэрэ эйгэтэ
Билиҥҥи кэмҥэ уопсастыбаҕа сахалыы киинэ киэҥ сэҥээриини ылбытынан, ыччакка дьайыыта үрдээбитинэн, саха уус-уран литературатын бастыҥ айымньыларын киинэ нөҥүө үйэтитэр сыалтан Дьокуускай куоракка бу сыл олунньу 21 күнүгэр, төрөөбүт тыл декада чэрчитинэн «Литература уонна киинэ» диэн тэрээһин ыытыллынна.
Тэрээһини куорат саха тылын уонна литературатын учууталларын түмсүүтүн салайааччыта Борисова М.Н. уонна «Айыы Кыһата» оскуола саха тылын уонна төрүт култууратын хааппыдырата иилээн – саҕалаан ыыттылар. Манна куорат 26 оскуолатын, «Айыы Кыһата», Саха уонна национальнай гимназиялар саха тылын учууталлара уонна «Айыы Кыһата» оскуола улахан сүһүөх үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Тэрээһин «Тойон Кыыл» киинэни көрүүттэн саҕаланна. Онтон «Тойон Кыыл» сүрүн режиссерын Эдуард Новиковы уонна киинэ сүрүн оруолун оонньообут, артыысканы, Зоя Попованы кытта көрсүһэн санаа атастастыбыт. Киинэ Василий Яковлев «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» диэн кэпсээнинэн суруллубут уонна 40-c Москватааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин Гран –при лауреата буолбут.
Киинэни көрөн баран, кырдьык да Аан дойдуга көрөөччү үрдүк биһирэбилин ылыан- ылбыт киинэ эбит диэн санаатыбыт, астынныбыт, сөхтүбүт. Оҕолор, учууталлар: киинэ сүрдээх дириҥ ис хоһооннооҕун, киинэҕэ саха норуотун олоҕо, духуобунай култуурата, итэҕэлэ- барыта көстүбүтүн үрдүктүк сыаналаатыбыт. Режиссер кэпсээни уларыппакка автор хайдах суруйбутунан туруорбутун, айымньы ис дууһатын, философиятын, ис дьиҥин таба тайанан биэрбитин, айымньыга эмээхсиннээх оҕонньор бэйэ -бэйэлэригэр, айылҕаҕа, Тойон кыылга сыһыаннара киһиэхэ үтүө санааны тиэрдэллэрин, бэлиэтээтибит. Кырдьык да, оҕолор эппиттэрин курдук, артыыстар наһаа итэҕэтиилээхтик, үрдүк маастырыстыбалаахтык оонньообуттар. Биир көрүүнэн, биир хамсаныынан норуот олоҕун, култууратын дьоҥҥо тиэрдэллэр. Режиссер артыыстарын таба тайанан сөпкө талбыта, артыыстар үрдүк таһымнаахтык оонньууллара үрдүктүк сыаналанна. Онон бу киинэ ыччаты иитиигэ, норуоппут култууратын, итэҕэлин үйэтитиигэ, чөл олохтоох, туруктаах буоларга улахан кылааты киллэрэр эбит диэн туран, оскуолаларга кылаас таһынан ааҕыыга, дьиэ кэргэнинэн киинэни көрүүгэ ыҥырабыт.
Оҕолор киинэни биир тыынынан көрдүлэр, сэҥээрдилэр, махтаннылар. Бэйэлэрин санааларын этэн, ыйытыыларыгар хоруй ылан, астынан тарҕастылар. Киинэ айар бөлөҕөр, «Сахафильм» салайааччытыгар Дмитрий Шадрин өссө үрдүк ситиһиилэри, айымньылаах үлэни, инникитин даҕаны ситиммитин быспакка бииргэ үлэлиирбитигэр баҕарабыт.
“Айыы Кыһата» оскуола саха тылын учуутала
Липатова Светлана Афанасьевна.