“Дьулусхан” фольклор студиятын уһуйааччыта Петрова М.М. авторскай семинар-практикумун тэрийэр
Оҕо айымньытын дыбарыаһын үрдүкү категориялаах уһуйааччыта, СР үөрэҕириитин туйгуна, “Дьулусхан” фольклор студиятын салайааччыта Петрова Мария Петровна «Норуот ырыатын ымыы оҥостон...» авторскай практикум-семинара.
Олунньу 13 күнэ. Практикум-семинар ыытыллар былаана:
№ |
Бириэмэтэ |
Хаамыыта |
Ис хоһооно |
1 |
09.30-10.00 |
Бэлиэтэнии |
Кыттааччылары бэлиэтээһин |
2 |
09.30-10.00 |
Кофе-брейк |
|
3 |
10.00-10.10 |
Семинар арыллыыта |
|
4 |
10.10-11.00 |
1 түһүмэх «Сүргэни көтөҕүү» |
Фольклоротерапия. |
5 |
11.00-11.40 |
2 түһүмэх «Норуот ырыатынан кынаттанан» |
Тыыныы, дорҕоон таһаарыы, хамсаныы техникатыгар үөрэтии. Бөлөҕүнэн үлэ. Омук тылынан саха норуотун ырыатын оҕолорго үөрэтии ньымаларын көрдөрүү. |
6 |
11.40-13.00 |
3 түһүмэх «Оллоонноон олорон» |
Ырытыы (рефлексия). Семинар түмүгүн таһаарыы. |
Дьокуускай куорат Оҕо айымньытын дыбарыаһа.