Омук кутун оҕо курдук олоҥхоҕо биһиктээн...
Республикаҕа Олоҥхо декадата 10 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Дьокуускай куораттааҕы оҕо айымньытын Дыбарыаһын “Эллээйик” фольклорнай студия уһуйааччыта Н.И.Мордовская “Саҥа үйэ ыччатын Олоҥхоҕо уһуйуу ньымата” авторскай семинара үрдүк таһымҥа ааста. Уһуйааччы өр сылларга муспут баай опытын 6 түһүмэххэ арааран саас сааһынан кэпсээтэ:
Омук кутун оҕо курдук олоҥхоҕо биһиктээн... – оҕолор, уһуйааччы ситиһиитин; олоҥхо персонажтарынан тигиллибит көстүүмнэри, оҥоһугу көрдөрөр быыстапка тэрилиннэ.
Ситии саҕаттан ситимнэнэн... – эбии үөрэхтээһин үлэтигэр сүрүн миэстэни ылар үөрэх программатын ис хоһоонун билиһиннэрдэ. Бу түһүмэххэ оҕону олоҥхоҕо уһуйар ньыматын мустубут истээччилэргэ толору арыйан көрдөрдө. Ол курдук, 2 кылаас үөрэнээччилэригэр чабырҕахтан, норуот ырыатыттан, остуоруйаттан саҕалаан сыыйа олоҥхоҕо киирии кистэлэҥин арыйда.
Сомоҕолоьуу-түмсүү төрдө... – эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ оскуоланы, чуолаан кылаас салайааччытын, төрөппүтү кытта биир ситимнээхтик үлэлээн Ситиһиилээх, олоххо бэлэмнээх оҕону иитэн таһаарарын бу түһүмэх көрдөрдө. Төрөппүттэр Данилова А.В., Скрябина Н.Г., учууталллар Хомподоева И.В. (саха гимназия), Аргунова В.С. (Дьокууускай куораттаҕы 2№ оскуола) оҕолору кэтээн көрүүлэрин, куруһуокка сылдьыы үтүө түмүгү аҕалбытын сырдаттылар.
Уһуйдарбыан, уол оҕону улуу Олоҥхоҕо – эр киһи былыр былыргыттан олоҥхоһутунан аатырбытын, уол оҕону Олоҥхо нөҥүө тылга-өскө эрэ буолбакка Киһилии КиҺи буолан улаатан тахсалларыгар олук буоларын Данилов Марк – Дьокуускай куораттаҕы 12№ орто оскуола үөрэнээчитин, Лугинов Айсен – П.А.Ойуунускай аатынан саха государственнай театрын артыыһын холобурдарыгар көрдүбүт.
Оллооноон олорон олоҥхолуох... – олоҥхону үөрэтии биир кэмҥэ турбакка бириэмэ ирдэбилинэн салгыы сайдан иһэрин бу түһүмэх толору арыйда. Ол курдук, уһуйааччы аныгы үйэ технологиятын дьарыгы тэрийиигэ туттарын толору арыйда.
Олоҥхо тирэхтээх ыччаты кэскиллиэх – төгүрүк остуол биир санаалаахтары түмэн аһаҕас кэпсэтиини таһаарда.
Филологическай наука доктора, профессор В.В.Илларионов, Олоҥхо киинин сүрүннүүр специалиһа З.Г.Сысолятина, С.Н.Донской- II аатынан үөрэх сайдыытын уонна учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт преподавателэ Ф.В.Ядрихинская, төрүт омуктар оскуолаларын институтун гаучнай сотруднига Н.И.Филиппова - Оҕо айымньытын Дыбарыаһа куорат оҕото сахалыы кутун илдьэ сылдьарыгар ситимнээх улахан үлэни ыытарын сөҕөн, Наталья Иннокентьевна биир киһи холугар сүҥкэн үлэни тэрийэрин, үөрэтэр ньымата уратытын бэлиэтээтилэр. Булун, Сунтаар, Дьааҥы, Бүлүү курдук ыраах улуустартан 40 истээччи кэлбитэ Олоҥхону үөрэтии кэскиллээҕин, инникилээҕин көрдөрдө.
Оҕо айымньытын Дыбарыаһа