Сомоҕолоһуу, ыаллаһыы сылын 17-с оскуола алын кылааһын учууталлара Нам улууһуттан саҕалаатылар
2019 сылы Дьокуускай куорат уокуруктааҕы администрацията “Сомоҕолоһуу, ыаллаһыы сылынан” биллэрбитэ. Ол чэрчитинэн Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатын алын кылааһын учууталларын методическай холбоһуга Нам улууһугар И.С. Гаврильев аатынан Нам бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар улуус алын кылааһын учууталларыгар “Образовательные технологии, обеспечивающие реализацию требований ФГОС НОО в МОБУ СОШ-17 города Якутска” практическай хабааннаах семинары ыыттылар.
Семинар сүрүн чааһыгар улуус үөрэҕириитин методиһа Белолюбская О. С., Нам 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын директоры научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччы Прокопьева С.И., Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх орто оскуолатын директоры иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Варламова М.Н кыттыыны ыллылар.
С.А. Новгородов аатынан “Бичик” үөрэх уонна кинигэ кыһатын киинин үлэһиттэрэ 17-с нүөмэрдээх орто оскуолатын учууталларын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр. Араас үлэлэр бэчээттэнэн тахсыбыттара. Семинарга Захарова Л.В. салайааччылаах оскуола учууталларын айар бөлөҕө үлэлэспит “Саха тыла” 1-4 кылааска үөрэнэр кинигэлэрин электроннай көрүҥнэрин (ЭФУ) сорудахтара хайдах туһанылларын, үлэ араастарын редактор Константинова С.Ф. билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн оскуола уопуттаах, эдэр учууталлара ФГҮөС сөп түбэһэр аныгылыы тииптээх аһаҕас уруоктары ыытыы технологическай картатын тутулун билиһиннэрдилэр, аһаҕас уруоктар түһүмэхтэрин ыытан көрдөрдүлэр. Түөрт хайысханан секцияларга, иитии-үөрэтии үлэтин тэрийиигэ араас технологиялары туһанан, маастар-кылаастары ыыттылар.
Семинарга барыта 92 алын кылаас учуутала кыттыыны ылла. Түмүккэ төгүрүк остуолга санаа атастаһыытыгар маннык тэрээһин учуутал үлэтигэр олус туһалааҕын, көдьүүстээҕин икки өттүттэн бэлиэтээтилэр, улуус учууталлара махталларын тиэртилэр. Кэлэр өттүгэр Нам улууһун учууталлара бэйэлэрин уопуттарын тарҕата 17-с оскуолаҕа семинар ыытыахпыт диэн баҕа санааларын биллэрдилэр.
Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх орто оскуола.