«Олоҥхо—саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа.
Саха фольклорун бары жанрдарын синтеhэ, киhи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ», – диэн норуот суруйааччыта, Суорун Омоллоон эппитинии, улуу айымньыбыт суолтата сылтан сыл үрдээн иһэр.
2005 сыллаахха Олоҥхону ЮНЕСКО киһи аймах чулуу айымньытынан билиммитэ быйыл үбүлүөйдээх 10 сылын туолла. Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа сыллата библиотека уонна саха тылын учууталларын кытта бу бэлиэ күҥҥэ аналлаах тэрээһин ыытыллар. Ол курдук, быйыл сэтинньи 25 күнүгэр, үөрэнээччилэр олоҥхо алыптаах эйгэтин кытта билистилэр, Олоҥхону киргиз омук Манааһын кытта тэҥнээн көрдүлэр, толоруллуутун иһиттилэр. Күндү ыалдьыттарынан Мэҥэ-Хаҥалас Төҥүлүтүттэн 3 сааһыттан олоҥхону толорор, 5 кылаас үөрэнээччитэ, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын «Кылаан чыпчаал» хаһаайына – Соловьев Айаал, Сергей Васильев «Батастаан Баатыр», гимназия 8 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Охлопкова Алина, П. Ядрихинскай «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхолоруттан быһа тардыыны иһитиннэрбиттэрин олус сэргээн, сэҥээрэн иһиттилэр. Гимназия учууталлара, эдьиийдии-балыстыы Күндэлиинэ уонна Сайнаара Кириллиннэр, аҕалара Сунтаар улууһун үтүөлээх учуутала, Кириллин Трофим Семенович – Күндүмэн, Манааһы тылбаастаабытын, Сунтаар олоҥхолорун хомуйан оҥорбут кинигэтин билиһиннэрдилэр. Түмүгэр, таайбараҥ таайсан дуоһуйан-астынан тарҕастылар.
Анна Соловьева,
5№ оскуола