Степан Дадаскинов төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах ахтыы киэһээтэ
Сэтинньи 20 күнүгэр П.А.Ойуунускай аатынан Литература музейыгар РФ уонна СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, поэт, прозаик, журналист Степан Дадаскинов төрөөбүтэ 85 сылыгар анаан "Ырыабытын бүгүн ыллыах"диэн уус-уран дьүһүйүү туруоруллан, ахтыы киэһэтэ бэрт сэргэхтик, истиҥник ааста.
Дьүһүйүү Дьокуускай к. Саха политехническай лицей педагог-библиотекара Другина Наталия Никитична бырайыагынан уонна бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытыытыгар ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары долгутта, үөртэ уонна түмтэ.
Поэт хоһоонноро "Сайсары" норуодунай ансаамбыл (салайааччы СР культуратын туйгуна Степанова С.К.) толоруутугар, солисткалар ырыаларыгар уонна Саха политехническай лицей 10-11 кылааһын уолаттара уус-ураннык ааҕыыларыгар дьон дууһатын сайа охсон киирдэ.
С.Е.Дадаскинов чугас дьоно - огдообото Мария Семеновна, сиэннэрэ, хос сиэнэ уйадыйан туран махталларын эттилэр. Бииргэ алтыспыт, үлэлээбит дьоно, биир дойдулаахтара олус иэйэн аҕыннылар, суруйааччы олоҕун, айар улэтин үйэтитэргэ этиилэри киллэрдилэр.
Ол курдук, норуодунай суруйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык олохтооҕо Кривошапкин А.В., журналистика ветерана Борисов И.В., Өлөөн улууһун культураҕа салаатын начальнига Семенова Н.П. о.д.а. ахтан-санаан аастылар.
Дьокуускай к. Саха политехническай лицей.