БООТУР ОМООНО - 2018
Алтынньы 16 күнүгэр Дьокуускай куорат Күөх хонуутугар "Боотур омооно" бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи 5-7 кылаас уолаттарыгар күөн күрэс бэрт тэрээһиннээхтик ааста.
Тэрийээччилэр: Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьаҥхаады нэһилиэгин, Майа сэлиэнньэтин дьаһалталара, "Төрүт дьарык", "Төлкө" чөл олоҕу тарҕатар эр дьон уопсастыбыннас түмсүүтэ, "Арчы дьиэтэ" духуобунай култуура киинэ, "Айыы Кыһата" оскуола, "Тойон өһүө" "Айыы Кыһатын" аҕаларын түмсүүтэ, Чааһынай дьиэлэри толору хааччыйар тутуу тэрилтэтэ (урбаанньыт Семенов Д.П.), Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын, култуураларын унустутуутун култуура уонна методика кафедрата.
Алтынньы ый Түмсүүнү төрүттүүр, Или олохтуур суолталаах. Бу өйдөбүлгэ олоҕуран 2006 с. алтынньы 16 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэгин общественноһын көҕүлээһининэн, "Саха омук" общественнай Киин өйөөһүнүнэн, Л.А.Афанасьев-Тэрис, А.Н.Павлов-Дабыл түсчүттэрдээх Айыы Боотурдар сырдык ааттарыгар сүгүрүйэр, олох тутула алгыстаах санаанан салалларын туһугар "Улуу Ил" сэргэ туруоруллубута. Өбүгэ үгэһин үйэтитэр, дойдуларын историятын билэр, үөрэтэр, түмсүүлээх, тэрээһиннээх буоллуннар диэн, уол оҕо дьиҥнээх сахалыы сиэринэн-майгытынан ис кыаҕын салайынарыгар, олоххо оннун буларыгар көмөлөһөр, оҕо айылгытын уһугуннарар сыаллаах ыытыллар "Боотур омооно" тэрээһин Мэҥэ-Хаҥалас улууһун иһинэн үгэскэ кубулуйда.
Хамаанда 7 уола биир-биир 7 түһүмэҕи ситиһиилээхтик аастылар: наарта ойооһуна, маамыкта быраҕыы, "кыһыл чохтон аһарыы", хапсаҕай, ыйдар бэлиэлэрин таайыы, үҥүүнэн быраҕыы, оҕунан ытыы.
Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр "Айыы Кыһата" оскуола хамаандата - бастакы, Майа орто оскуолата - иккис, 17-с оскуола - үһүс миэстэни ылан үөрдүлэр.
Кыайбыт хамаандалар бириистэрин - биирдии куул бурдугу, саахары, ирииһи бэйэлэрэ быһааран, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар биэриэхтээхтэр. Бу - сонун көстүү.
Хамаандалар тумус киһилэрэ "Дулҕа хапсаҕайыгар" кииристилэр. Бу күрэххэ Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуола 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Уйгуров Василий кыайыылаах таҕыста. Киниэхэ норуот маастара Сергей Соломонович бэйэтэ оҥорбут батыйатын биэрдэ.
Көрөөччү быһыытынан сылдьыбыт "Айыы Кыһата" иккис кылааһын үөрэнээччитэ учууталыгар тиийэн "биһиэхэ дьиҥнээх төрүт култуура уруога буолла" диэбит. Чахчыта да оннук. "Боотур омооно" эйгэтэ, тыына олохторугар умнуллубат түгэни үөскэттэҕэ. Эбиитин орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ кинилэри ох саанан ытарга, үҥүүнү быраҕарга үөрэппиттэрэ сырдык өйдөбүл , кэрэ кэпсээн буолара саарбаҕа суох.
Лидия Шамаева,
"Айыы Кыһата" оскуола дириэктэрэ.