Саха гимназия уопсай конференцията «Оҕо, төрөппүт, учуутал – быстыспат ситим»
Быйылгы үөрэх дьылын уратыта гимназия 15 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнии сыла. Үбүлүөйдээх сылы көрсө учууталлар, үөрэнээччилэр уонна төрөппүттэр бииргэ үлэлиир сибээстэрин ордук күүһүртүлэр.
Алтынньы 31 күнүгэр «Оҕо, төрөппүт, учуутал – быстыспат ситим» диэн гимназия уопсай конференцията буолан ааста. Бу конференция тэрээһинигэр гимназия бары учууталлара, үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Конференцияҕа көруллүбут боппуруостар:
1.Гимназия Салайар Сүбэтин отчуота.
2.Гимназия Салайар Сүбэтин саҥа састаабын талыы.
Конференцияҕа уопсайа 98 делегат, 45 ыҥырыылаах кыттыыны ыллылар
Конференция пленарнай чааһын арыйыы кэнниттэн Салайар Сүбэ бэрэссэдээтэлэ Саввин Леонид Алексеевич дакылаатын иһитиннэрдэ. Кини кэнниттэн Петров Алгыс, Салайар Сүбэ гимназистартан чилиэнэ үлэтин хайдах түмүктээн эрэрин туһунан отчуоттаата. Онтон Софронеева Валентина Васильевна, Саха гимназиятын директора гимназия сайдыытын тускулун билиҺиннэрдэ.
Конференция иккис чааһыгар отчуот уонна гимназия сайдыытын тула кэпсэтиһии буолла. Ол курдук Жиркова Татьяна Ильинична, 4 «а» кылаас родкома, Максимова Айина, «Саһарҕа» оҕо түмсүүтүн лидера, Яковлев Слава, «Саха кэскилэ» оҕо-ыччат тэрилттэтин активын чилиэнэ, Попова Октябрина Георгиевна, Эбээлэр түмсүүлэрин салайааччыта, Григорьева Муза Ивановна, 8 «а» кылаас төрөппүттэрин аатыттан делегат, Данилова Анна Николаевна, 11 “б” кылаас төрөппүтэ уонна Жерготов Егор Егорович, Аҕа сүбэтин бэрэссэдээтэлэ санааларын, тугу үлэлии сылдьалларын, инники былааннырын иһиттибит, билистибит.
Онтон Салайар Сүбэ саҥа састаабыгар киирэр кандидаттары Салайар Сүбэ чилиэттэрэ билиһиннэрдилэр. Уопсай быһаарсыы түмүгүнэн аһаҕас куоластааһыҥҥа ыҥырдылар.
Куоластааһын түмүгүнэн маннык саҥа састаап талылынна:
- Алын сүһүөх төрөппүттэриттэн делегат Семенов Александр Александрович, бэрэссэдээтэл;
- Орто сүһүөх төрөппүттэриттэн делегат Григорьева Муза Ивановна, бэрэссэдээтэли солбуйааччы;
- Үрдүкү сүһүөх төрөппүттэриттэн делегат Оросина Иванна Эрнестовна, секретарь.
Ону таьынан чилиэннэринэн:
- Яковлев Слава, 8 «а»кылааһын үөрэнээччитэ;
- Попова Анета, 9 «а» кылааһын үөрэнээччитэ;
- Слепцов Александр, 10 «а» кылааһын үөрэнээччитэ;
- Андреева Марианна Алексеевна, нуучча тылын уонна литературатын учуутала;
- Кириллина Изольда Васильевна, ньиэмэс тылын учуутала;
- Назарова Саргылана Николаевна, 1 «б» кылаас учуутала.
Конференция «Оҕо, төрөппүт, учуутал – быстыспат ситим» диэн киһи дууһатын таарыйар, долгутар кэнсиэринэн түмүктэннэ. Кэнсиэргэ фортепиано тыыннаах музыката да иһилиннэ, төрөппүттэр нарын-намчы саха үҥкүүтүн үҥкүүлээн да тэлээрдилэр, «Тыллыы» устуудьуйа иитиллээчилэрэ артыыстаан да көрдөрдүлэр. «Малиновка», «Тыллыы», «Хомус Куо», «Хомус Уолан» ансаамбыллара саха уонна нуучча улуу культураларын алтыһыннаран дьон кэрэхсэбилин ыллылар. Дойду үрдүнэн биллэриллибит Литература сылынан сибээстээн нуучча литературатын поэтессата Марина Цветаеваҕа аналлаах хоһоон этиилээх, ырыалаах, үҥкүүлээх учууталлар уустук композицияларынан кэнсиэр түмүктэннэ. Бу кэнсиэргэ үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна учууталлар айар бөлөхтөрө, биирдиилээн нүөмэрдэрэ, толоруулара умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр, дьыалабыай конференцияны киэргэттилэр.
Т.Н. Ноева, саха тылын уонна литературатын учуутала.