Кэлэр кэм дипломаттарын “киирсиилэрэ”

 Интеллектуальнай оонньуулар иккис күннэригэр ыытыллыбыт “Кэлэр кэм дипломаттара” диэн бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох дьыалабыай оонньууга Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн 9 уонна өрөспүүбүлүкэ куораттарыттан уонна  улуустарыттан 47 оҕо кыттар.
Хас биирдии кыттааччы биир дойдуну ылан, ол дойду бэрэстэбиитэлин быһыытынан дипломатическай этиини бэлэмниир. Биллэн турар, оҕолор бу тэрээһиҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ харахха быраҕыллар. Норуот дипломатиятын сайыннарыы - ЮНЕСКО биир суолталаах хайысхата. Оҕолор бу куонкуруска санааларын хото этинэргэ, бэйэлэрин тылларын ылыннарарга үөрэнэллэр. Ол иһин буолуо, киирсии кытаанаҕа.
 Валерий Малардыров Дьокуускай куорат 19 №-дээх оскуолаты гар үөрэнэр. Уол Эфиопия Федеративнай Демократическай Өрөспүүбүлүкэтин сирэйдиир. Хас биирдии дакылаатчыт кэнниттэн ким туох ыйытыылаах тута боппуруостарын суруйан баран, мандааттарын ууналлар. Ол ону көрө сылдьан, волонтердар боппуруостары туһааннаах дакылаатчыкка тиэрдэллэр. Валерий дакылааттары сурдээх болҕомтолоохтук истэр уонна бэлиэтэнэ олорор.
“Кэлэр кэм дипломаттара” дьыалабыай оонньуу үс күнү быһы барыаҕа. Онтон түмүгү таһаарар мунньахха кыайыылаахтар бэлиэтэниэхтэрэ.

 

Газета Саха Сирэ номер 27 от 11.07.18 г.

Полосу о ходе  МИИ-2018  подготовили Людмила Попова и Елена Потоцкая.

 

Информация предоставлена МОБУ СОШ №19.

Карта сайта

Орфографическая ошибка в тексте:
Чтобы сообщить об ошибке, нажмите кнопку "Отправить сообщение об ошибке". Также вы можете добавить свой комментарий.