Дьокуускай куорат саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын учууталларын сэминээрэ буолан ааста
Олунньу 19 күнүгэр “Ийэтылын күнүн” чэрчитинэн Саха политехническай лиссиэйгэ Дьокуускай куорат саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын учууталларын сэминээрэ буолан ааста.
Сэминээр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара, бэйиэт Баһылай Уйбаанабыс Буоһукап-Баһылай Босяк хоhооннорунан “Тыл күүhэ” монтаhы лиссиэй 9-10 кылаас уолаттара толорууларынан, ВИА “Paper Childs” бөлөх Уйбаан Арбыыта тылларыгар, Байбал Сэмэнэп мелодиятыгар “Ардах иннинэ” ырыаны, Егор Сотников “Кыыс Амма” ырыаны толорууларынан үөрүүлээхтик арылынна.
Бу кун Бэдэрээссийэ үөрэххэ судаарыстыбалыы ыстандаардын ирдэбилинэн тахсыбыт сҥа учуобунньуктар ис хоhооннорун, тутулларын туhунан кэпсэтии барда. Учуобунньуктар ааптардарыттан Людмила Федоровна Молукова, Мария Матвеевна Попова, Майя Виссарионовна Осипова сха тылын, литэрэтиирэтин уруоктарын түһүмэхтэриттэн араас сорудахтардаах маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Учуобунньуктар электириэн диискэлэринэн оҕо уруокка, дьиэтигэр хайдах үлэлиэхтээҕин быhаардылар. Кэлбит учууталлар бары санааларын аhаҕастык үллэстэн, маастар-кылаастарга көхтөөхтүк кыттан, салгыы БКЭҕэ оҕону бэлэмнииргэ хардарыта ситимнээхтик үлэлииргэ этии кэллэрэн, сэминээртэн астынан бардылар.
Саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын
учууталларын методическай холбоһуга.