Куораттааҕы «Аман өс» күрэҕи М.К. Аммосов аатынан ХИФУ өйөөтө
Быйылгы үөрэх дьылын Дьокуускай куорат саха тылын учууталларын методическай холбоһуга М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Тыл уонна култуура институтун профессора Поликарпова Е.М. салайааччылаах тыл, литература, культура методикатын кафедратын кытта бииргэ үлэлээһининэн саҕалаата.
Ол курдук, алтынньыга Дьокуускай 2 №-дээх Политехническэй оскуолатыгар саха тылын, литературатын учууталларын түмсүүлэрэ буолбута. Семинарга ХИФУ преподавателэ, педагогическай наука кандидата Гурьев Г.И. аныгы үөрэх ирдэбилинэн оҥоһулла сылдьар учебниктар уонна программа уратыларын туһунан кэпсээтэ. Кини үөрэх кинигэтин тутулун, сыалын-соругун, оҕолор дьоҕурдарын сайыннарар эрчиллиилэрин, аныгылыы үөрэтэр ньымаларын сиһилии ырыппытын учууталлар сэҥээрэн иһиттилэр.
Алтынньы 26 күнүгэр куорат оскуолаларын оҕолоругар аналлаах «Аман өс» тыл этиитин күрэҕэ Күрэх ХИФУ Тыл уонна култуура институтугар ыытылынна. Литература сылынан сибээстээн, үөрэнээччилэр талбыт тиэмэлэрэ үс үбүлүөйдээх суруйааччылар Николай Неустроев, Амма Аччыгыйа, Сэмэн Данилов айымньыларын ырытыыга ананна. Күрэххэ куорат оскуолаларыттан 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кытыннылар. Маны таһынан, нуучча тыллаах оскуолалар оҕолоро кыттыбыттара киһини үөрдэр.
Оҕолору институт профессора Поликарпова Е.М. эҕэрдэлээбитэ, кини салалтатынан преподавателлэр уонна устудьуоннар дьүүллүүр сүбэ тэриллэн, үлэлээбитэ – бу барыта үөрэнээччилэр эппиэтинэстэрин үрдэппитэ.
Дириҥ ис хоһоонноох дакылааттары истэн, дьүүллүүр сүбэ уонна учууталлар астыннылар. Оҕолор суруйааччылар айымньыларын ырытан, бэйэлэрин санааларын, көрүүлэрин-истиилэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ сатабыллаахтык тиэрдэллэрэ биһирэбиллээх. Дьүүллүүр сүбэ күрэх кыттыылаахтарын саҥалара чуолкайын, айымньыны ырытар дьоҕурдара үрдүк таһымнааҕын, дьон иннигэр сөптөөхтүк туттан-хаптан турууларын бэлиэтээн туран, маннык түмүгү таһаарда:
9 кылаастарга: 1 миэстэ – «Айыы кыһата» оскуола үөрэнээччитэ.
2 миэстэ – 12 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ.
3 миэстэ – 12 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ.
10 кылаастарга: 1 миэстэ – СПЛ үөрэнээччитэ.
2 миэстэ – ЯГНГ үөрэнээччитэ.
3 миэстэ – Марха 1 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ.
11 кылаастарга: 1миэстэ – 2 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ.
2 миэстэ – Тулагы оскуолатын үөрэнээччитэ.
3 миэстэ – 31 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ.
Куораттааҕы саха тылын учууталларын методическай холбоһук аатыттан Евдокия Михайловна Поликарповаҕа, Саргылана Гаврильевна Олесоваҕа, Ньургуйаана Гаврильевна Никитинаҕа, тэрийэр комиссияҕа үлэлэспит учууталларга, Л.Ф.Молуковаҕа, Г.С. Анисимоваҕа, Л.Д. Кривошапкинаҕа, Р.Н.Каженкиҥҥа, махталбытын тиэрдэбит.
Кривошапкина Л.Д.
Борисова М.Н.