Ааҕыы көлүөнэни ситимниир
Төһөлөөх да күн үбүгэр
Тэҥнэммэт ыар сыаналаах
Күндүттэн күндү кылаат
Баар үһү күн сиригэр.
…Оннук кылаат күн сиригэр
Суос соҕотох!
Кини аата – БИЛИИ!
Бүөтүр Тобуруокап
Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, Саха народнай поэта Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, поэт төрөөбүт күнүгэр, үгэскэ кубулуйбут “Ааҕыы-көлүөнэни ситимниир” бырайыак чэрчитинэн, ырыа-хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста. Күндү ыалдьыппыт Бүөтүр Тобуруокап кыра кыыһа Саргылана Петровна аҕатын туһунан истиҥник ахтан ааспытын оҕолор сэргии иһиттилэр.
Түһүлгэни суруйааччы хос сиэнэ, 4 “а” кылаас үөрэнээччитэ Ньургун Наумов, “Өскө наһаа баҕарыаҥ” диэн хоһоонунан арыйда. Ааҕыыга гимназия үөрэнээччилэрэ ийэлэрин, аҕаларын, эбээлэрин, эһээлэрин кытта Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноруттан талан айымньылаахтык сыһыаннаһан, истиҥник, уус-ураннык өйтөн аахтылар, ырыаларын толордулар.
Хас биирдии дьиэ кэргэн, мустубут ыалдьыттар, үөрэнээччилэр Бүөтүр Тобуруокап дьоһун олоҕун, төрөөбүт норуотугар бэлэх гынан хаалларбыт алгыстаах айар үлэтин көрөн –истэн, астына-дуоһуйа тарҕастылар.
Кэнчээри ыччат көлүөнэнэн утумнаан үөрэтэрин, ааҕарын тухары, суруйааччы айымньылара өлбөөдүйэн сүтүөхтэрэ суоҕа.
Анна Соловьева,
Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия