Кинигэ - билии төрдө
Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар төрөппүт комитета уонна информационнай киин-медиатека көҕүлээһининэн, лингвист С. А. Новгородов төрөөбүтэ 125 уонна бастакы саха Букубаара 100 сылыгар анаан, «Кинигэ - билии төрдө» диэн 1-7 кылаастарга бэйэ айбыт айымньытыгар төрөппүтүн кытта көмөлөөн кинигэ оҥоруутун күрэҕэ буолан ааста.
Үөрэнээччилэр төрөппүттэрин кытта сонун ис хоһоонноох айымньылары, араас матырыйаалтан сиэдэрэй оҥоһуулаах кинигэлэри бэлэмнээн аҕалбыттар. Уопсайа 52 үлэ киирдэ. Оҕолор айылҕа кэрэ көстүүтүн, истиҥ доҕор, алыптаах түүл туһунан хоһоон, остуоруйа, кэпсээн айбыттар.
Кыайыылаахтарынан Шкулев Костя (2 ) "Баҕа санаа туолуута", Дягилева Айыына (3 ) "Айыына остуоруйа дойдутугар сырыылара", Филиппов Валентин (3 ) "Эрилик" буоллулар. Нахчаемова Нарыйаана (2), Прохорова Диана (2), Оросина Айыы-Куо (2), Сидоров Толя (2), Ылахова Кира (3), Егорова Айыына (3), Куличкина Лида (4), Федорова Сайаана (6) уонна 1 "а" кылаас коллектива бөлөҕүнэн үлэтэ анал аакка тигистилэр. "Саамай көхтөөх кылаас" - 3 "а" кылаас (кылаас салайааччыта Максимова Н.М.) буолла.
Анна Соловьева,
Дьокуускай куорат национальнай гимназия
библиотекатын сэбиэдиссэйэ