Куорат усулуобуйатыгар хотугу омуктар тылларын, култуураларын үөрэтэр эйгэни тэрийии
Олунньу 20 күнүгэр Ийэ тыл уонна сурук-бичик ыйын чэрчитинэн Дьокуускай куорат 38 №-дээх орто оскуолатыгар «Куорат оскуолатыгар хотугу норуоттар тылларын, култуураларын үөрэтэр эйгэни тэрийии» диэн темалаах семинар буолан ааста. Оскуола учууталлара бу тэрээһиҥҥэ анаан хотугулуу компоненнаах уруоктары, дьарыктары бэлэмнээтилэр: Прокопьева М.Е., Петрова К.К. Арктика уонна саха биллиилээх суруйааччыларын айымньыларынан улахан түһүмэҕи түмүктүүр оонньуу-урок, Матвеева Н.А., Каратаева Л.А. олоҥхонон грамматика, литература, культура, тылбаас диэн бөлөхтөрүнэн үлэлээх урок, Физкультура учууталлара Болтоков Ю.Ю., Иванов А.Н. хотугу норуоттар спортивнай оонньууларынан кылаас таһынааҕы дьарык.
Оскуола иитэр үлэтигэр хотугу норуоттар ассоциацияларыгар тирэҕирэр. Бу эппиэттээх тэрээһиҥҥэ өйөбүл-тирэх буола, А.В.Исаков салайааччылаах «Дялит» эбээн эдэр ыччатын кулууба 5-7 кылаас оҕолоругар анаан, эбээннэр олохторун-дьаһахтарын кэпсиир уруогу ыытта.
Семинарга хотугу норуоттар ырыалара-тойуктара эйээрдэ. Тэрээһин бастыҥ киэргэлэ СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо Абрамова М.В. эҕэрдэ тыла, эрчимнээх «Һээдьэтэ» буолла.
Бу тэрээһиннэ быйыл магистратура диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит, СПЛ уонна куорат 15 №-дээх оскуолатын учууталлара Заболоцкая У.В., Слепцова А.А. бэйэлэрин үлэлэрин туһунан умсугутуулаахтык кэпсээтилэр. Учууталлар сэргээн иһиттилэр уонна үөрэтии методикатыгар аналлаах туспа семинары тэрийэн ыытарга этии киллэрдилэр.
Сонун ис хоһоонноох тэрээһини ыыппыттарыгар Дьокуускай куорат 38 №-дээх оскуолатын салалтатыгар, учууталларыгар методическай холбоһук аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Матвеева Н.А., Дьокуускай куорат 38 №-дээх оскуолатын учуутала,
Борисова М.Н., 26 №-дээх оскуола учуутала.