Хомус нарын тыаһынан доҕуһуоллатан.
Хомус, саха киһитин кутун –сүрүн туппут, саха норуотун Аан дойдуга аатырдыбыт,киэн туттар музыкальнай инструменынан буолар. Cэтинньи 28 күнүгэр – Баай Барыылаах Байанай ыйыгар Хомус күнүгэр аналлаах “Дьүрүһүй, хомуһум!» диэн куорат оскуолаларын оҕолоругар аналлаах бастакы хомусчуттар күрэхтэһиилэрэ буолан ааста. Бу күрэхтэһиигэ уонтан биэс оскуолаттан 37 оҕо кыттынна.
Кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары, учууталлары,уонна төрөппүттэри Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Владимирович Слепцов истиҥник эҕэрдэлээтэ. Бу оскуолаҕа быйылгы үөрэх дьылыттан уруоктар, хомус тыаһынан доҕуһуолланан, саҕаланар уонна түмүктэнэр буоллулар. Ол, биллэн турар, оҕо уйулҕатын бөҕөргөтөр, оҕо кута-сүрэ чөл туруктаах буоларыгар көмөлөһөр. Маннык улахан тэрээһин “Сандал” саха норуотун инструменнарын оркестра норуот матыыптарынан, Иванова Дайаана «Хомус» үҥкүүтүнэн, «Ситим» хомус ансамблын эҕэрдэтинэн саҕаламмыта бэйэтэ эмиэ туспа ис хоһоонноох. Күрэхтэһии ити курдук үөрүүлээхтик аһылынна.
Мантан салгыы оҕолор, хомуска имигэстик оонньоон, араас кэрэ матыыптары, композициялары дьоҥҥо –сэргэҕэ дуоһуйа иһитиннэрдилэр. Күрэхтэһии түмүгүнэн Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарын сүгэр Хатас орто оскуолатын үөрэнээччитэ Кардашевская Анастасия, «Хомус дорҕооно» диэн айымньыны толорон, Гран-при аатын сүктэ. Киниэхэ Надежда Евменьевна уонна Парфений Никитич Самсоновтар ааттарынан оскуолата дьүрүскэн тыастаах хомуһу бэлэхтээтэ. Хайҕаллаах Хатас сиригэр хомус тыаһын хоҥкунаппыт ытык кырдьаҕас – Зинаида Васильевна Минина «Хомусчаан» ансаамбыл салайааччыта, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар өр сылларга учууталлаабыт, педагогическай үлэ ветерана, ырыалар-хоһооннор ааптардара И.И. Готовцев «Ытык ымыылаах Хомуһун» анал бирииһин Дьокуускай куорат 26 № -дээх оскуолатын үөрэнээччитигэр Захарова Валерияҕа бэлэх уунна. Аан дойду виртуоз-хомусчута, «Барҕарыы» фондатын степендиата Ким Александрович Борисов анал бирииһин Дьокуускай куорат 2 № -дээх оскуолатын 5 үөрэнээччитигэр Оконешникова Ангелинаҕа туттарда.
Күрэхтэһии маннык түмүктэннэ:
I cтепеннээх лауреат аатын 26№ оскуола үөрэнээччитэ Попов Ян;
Иванов Слава «Кыһыҥҥы ойуулар»;
II степеннээх лауреат аатын 2№ оскуола үөрэнээччитэ Оконешникова Ангелина “Үөһэттэн кутуллар дорҕооннор»; Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын үөрэнээччитэ Семёнова Анжелика;
III степеннээх лауреат аатын Саха гимназиятын үөрэнээччитэ Атласова Чэмэлиинэ «Айыл5а уһуктуута»; 2№ оскуола үөрэнээччитэ Васильева Санаайа «Ойуур дор5ооно»;
9-11 кылаастар икки ардыларыгар:
I cтепеннээх лауреат аатын Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарынан оскуола үөрэнээччитэ Оконешникова Амелия; 2 № оскуола үөрэнээччитэ Стручкова Таильмана «Уһуктуу»;
II степеннээх лауреат аатын Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарынан Хатас оскуолатын үөрэнээччитэ Андреев Сергей; Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын үөрэнээччитэ Рожин Денис;
III степеннээх лауреат аатын 1№ оскуола үөрэнээччитэ Заровняева Наталья; 26 оскуола үөрэнээччитэТоскина Алёна;
Маны сэргэ, анал номинацияҕа маннык оҕолор тигистилэр:
Удьуор утума” 9№ оскуола үөрэнээччитэ Кириллина Марина «Норуот ырыата»;
“Хомуһуннаах хомусчут» 7№ оскуола үөрэнээччитэ Сергеева Лилия «Хомус кутуллар дор5ооно»;
«Дьүрүскэн хомусчут» 16 № оскуола үөрэнээччитэ Заболоцкая Диана « Норуот ырыаларын матыыптара»;
“Кэскиллээх хомусчут”16 № оскуола үөрэнээччитэ Портнягина Данилия «Хоту дойду матыыптара»;
“Көрөөччү биһирэбилэ» Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын үөрэнээччитэ Андреев Сергей.
Тэрээһин кэмигэр учууталлар кыттааччыларга анал дьарыктары ыыттылар, Дьарыктар кэннилэриттэн сценаҕа тахсан тэрээһин кыттыылаахтара бары бииргэ хомустаатылар. Куораттааҕы саха тылын уонна литэрэтиирэтин, төрүт култууратын учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта Марианна Николаевна Борисова оскуола салайааччыларыгар, чуолаан, оскуола директорыгар Николай Владимирович Слепцовка, култуура киинин салайааччытыгар Людмила Михайловна Чепаловаҕа, төрүт култуура уонна саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларыгар урдук таһымнаах тэрээһини ыытарга күүс көмө буолбуттарыгар махтанна. Кини бу күрэхтэһиини үгэс быһыытынан сыл аайы Хатаска ыытылларыгар баҕа санаатын эттэ, учууталларга уонна оҕолорго айымньылаах үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри, баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин алгыһынан тириэртэ.
Алексеева И. В.,
Хатас орто оскуолатын
төрүт култууратын учуутала.