Олонхо күнэ
Сэтинньи 25 күнүгэр, үгэс курдук, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия Олоҥхо күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтэ. Сарсыарда үөрэх-билии киэҥ аартыгын арыйа кэлбит дьоммутун алгыстаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Олоҥхо театра иилээн-саҕалаан ыытар «Битва в стиле олонхо» күрэҕэ куорат оскуолаларыттан биир бастакынан «Олоҥхолуу күөн көрсүһүү» диэн ааттанан ыытылынна. Күрэх 8-9 кылаастарга 3 хамаанданан буолла.
Түһүмэхтэр:
1. Бэйэни билиһиннэрии
2. Олонхо уобараһын тута хоһуйуу
3. Олоҥхону рэп стилинэн толоруу
Күрэх түмүгүнэн 9 «в» кылаас «Айыы аймахтара» хамаандата кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн, үөрүүлэрэ үрдээтэ. «Күн өркөн дьоно» ( 9 «б», 8 «а» кылаастар) уонна «Саргылардаах сахалар» (9 «а» кылаас) ситиһиилээхтик кытыннылар, анал ааттарга тигистилэр: Оконешников Семен – «Бастыҥ рэп толорооччу», Лукачевскай Вячеслав - «Бастыҥ брейк-данс», Петрова Настя – «Бастыҥ тута хоһуйааччы».
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Олоҥхо театрын менеджерэ, «Детсат» айар бөлөх резиденэ, киинэ артыыһа Прокопий Иванов үлэлээтэ. «Олоҥхолуу күөн көрсүһүү» күрэх көрөөччү биһирэбилин ылла. Бу тэрээһин инникитин сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйуо.
Анна Соловьева