Ааҕыы – көлүөнэни ситимниир
Сэтинньи 18-19 күннэригэр «Ааҕыы – көлүөнэни ситимниир» бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа библиотека уонна төрөппүт комитета тэрийиитинэн алын уонна орто сүһүөх кылаастарга «Ааҕар дьиэ-кэргэн» литературнай күрэх буолан ааста.
Күрэх быйылгы «Киинэ сылыгар», Саха народнай суруйааччыта Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 110 сылыгар уонна нуучча суруйааччыларын үбүлүөйдээх айымньыларыгар ананна.
Күрэх хаамыыта:
1 түһүмэх. Суорун Омоллоон олоҕо
2 түһүмэх. Суорун Омоллоон айымньылара
3 түһүмэх. Нуучча суруйааччыларын айымньылара
4 түһүмэх. Алын сүһүөх кылаастарга: Реклама «Мин таптыыр кинигэм»
Орто сүһүөх кылаастарга: Үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларынан бэйэ оҥоһуга.
Кылаастар бары олус үчүгэйдик бэлэмнэнэн күрэх көхтөөхтүк барда. Алын сүһүөхтэргэ 2 кылаас үөрэнээччитэ Васильева Сандаара аҕатынаан Иван Юрьевичтыын (кылаас салайааччыта Петрова О.В.), орто сүһүөхтэргэ 6 кылаас үөрэнээччитэ Соловьев Эргис ийэтинээн Анна Васильевналыын (кылаас салайааччыта Илларионова В.И.) кыайдылар. Кыттыбыт дьиэ-кэргэттэргэ «Үүнэр–сайдар ааҕар дьиэ-кэргэн», «Үйэлээх үтүө үгэстээх ааҕар дьиэ-кэргэн», «Үгүс билиилээх-көрүүлээх ааҕар дьиэ-кэргэн», «Кинигэ куттаах дьиэ-кэргэн», «Умсулҕаннаахтык ааҕар дьиэ-кэргэн», «Ааҕыыны көҕүлүүр дьиэ-кэргэн» анал ааттар иҥэрилиннилэр.
Анна Соловьева