Саха тылын учууталлара маастар-кылаас ыыттылар

Тыл үөрэхтээхтэрин уонна учууталларын Форумун бастакы күнүгэр Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр  институт иһинэн саха тылын, омук тылын, нуучча тылын учууталлара маастар кылаастары ыыттылар.

Дьокуускай куорат саха тылын учууталлара бу тэрээьиннэ эмиэ кыттыыны ыллылар.

17-№-дээх  оскуолатын  учууталларын бөлөҕө: Борисова Оксана Ивановна, Сивцева Саргылана Дмитриевна, Попова Мария Матвеевна, Керемясова Саскылана Петровна, Заровняева Любовь Святославовна икки тылынан үөрэтии  усулуобуйатыгар,  куоракка  олорор-үөрэнэр дьон быһыытынан, төрүт саха эйгэтин оҕоҕо алын сүһүөхтэн саҕалаан иҥэрии хайдах быһыылаахтык ыытылларын, онно  ханнык   иитии-үөрэтии үлэтин араас көрүҥэ  барарын сиһилии кэпсээн дьон сэҥээриитин ыллылар.  Онон оҕо иитиилээх, сиэрдээх майгылаах,  киһилии киһи буола улаатарыгар, төрөппүт,  оҕо уонна учуутал икки ардыларыгар, бүтүн оскуола үрдүнэн үгүс үлэ  ыытыллара дьэҥкэтик көһүннэ.  17-с  оскуола учууталлара уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан күндүлээн  маастар кылаастарын оһуокайынан түмүктээн  кэлбит дьону сэргэхситтилэр.

Национальнай  гимназия  учуутала Кириллина Күндэлиинэ Трофимовна араас таһымнаах сорудахтары сөптөөхтүк наардаан, аттаран элбэҕи ситиһиэххэ сөбүн тоһоҕолоото. Айымньы иһинэн эрэ хааччахтаммакка, учуутал эрэ эппитинэн муҥурдаммакка оҕо (үөрэнээччи) көҥүл үлэлээн,  санаатын толору этэн, саастыылаахтарын кытта  мөккүһэн проблеманы быһаарар араас суоллары тобуларга кыһаллыахтааҕын  чопчулаата. Аҥардас ыйытыы эрэ көмөтүнэн бэрт элбэх сорудаҕы тобулан-толкуйдаан таһаарыахха сөбүн холобурдаан көрдөрдө.

Маастар кылаас түмүгүнэн учууталлар олус астыммыттарын эттилэр. Саҥа санаалар,  сонун идеялар киирэн үөрэтии ис хоһоонун байытан, дьарык интэриэһинэйдик барарын туһугар элбэҕи биллибит, үөрэннибит диэтилэр.

 

 Ядрихинская  Февронья Васильевна,

 Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт,

төрүт тылларын кафедратын преподавателин ыстатыйата туһаныллына

Карта сайта

Орфографическая ошибка в тексте:
Чтобы сообщить об ошибке, нажмите кнопку "Отправить сообщение об ошибке". Также вы можете добавить свой комментарий.