"Ийэ тылынан оҕону үөрэтиигэ, сайыннарыыга туһаайыылар, тосхоллор" семинар ыытыллынна
Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай куорат сахалыы тылынан үөрэтэр-иитэр бөлөхтөрдөөх уһуйааннар иитээччилэрин түмэр «Ийэ тылынан иитии» методическай холбоһук саҥа үөрэх дьылыгар «Ийэ тылынан оҕону үөрэтиигэ, сайыннарыыга туһаайыылар, тосхоллор» семинар ыытта.
Бу түмсүүнү Дьокуускай куораттааҕы 8№-дээх Оҕону үөрэтэр-сайыннарар киин «Родничок» уһуйаан (салайааччы Максимова П.Н.) коллектива ыалдьыттары үрдүк таһымнаахтык бэлэмнэнэн тэрийдэ.
Семинар үлэтигэр:
1. Ийэ тылынан иитиигэ, сайыннарыыга иитээччи таһымын үрдэтии суолтата” сүбэлэри биэрдэ уонна бииргэ үлэлэһэргэ санаатын эттэ Андросова Ю.В., «Сайдыс» оҕону сайыннарар киин салайааччыта.
2. “Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтиигэ-иитиигэ методическай хайысхалаах босуобуйалар, ону туттууга сүбэлэр” – бэйэтин көрүүлэрин, соргулаах сүбэлэрин тиэртэ Захарова С.М., Сахалыы уһуйааннар методистарын, иитээччилэрин Ассоциациятын салайааччыта, 51 №-дээх Оҕону үөрэтэр-сайыннарар киин «Кэскил» уһуйаан салайааччыта.
3. «Толкуйу, сатабылы сайыннарар “МасОонньуур” оҕону иитиигэ көдьүүһэ. Саҥа оонньуурдары билиһиннэрии, көрдөрөн үөрэтии” – мас оонньууру туһанан оҕо сахалыы саҥатыгар методическай босуобуйа оҥорорго бииргэ үлэлиэхпитин сөп диэн санаатынан үллэһиннэ Кэскил Прудецкай «МасИгра» тэрилтэ салайааччыта.
4. “2024-2025 саҥа үөрэх дьылыгар үлэни тэрийии торумун билсии, ырытыы, ылыныы” - Дедюкина Л.И. «Ийэ тылынан иитии» методическай холбоһук салайааччыта, ааспыт сылларга ыытыллыбыт үлэни ырытан туран ийэ тылынан оҕону үөрэтиигэ, сайыннарыыга туһаайыыларга бэйэтин көрүүлэрин билиһиннэрдэ. Кэпсэтиигэ Л.Д. Троева-Лугинова, В.Н. Старкова үөрэх салаатын сүрүннүүр специалиһа И.С. Нафаилова кытыннылар, ыллыктаах санааларын тиэртилэр.
Семинарга барыта 68 иитээччи кытынна, түмүккэ «Ийэ тылынан иитии» методическай холбоһук саҥа үөрэх дьылыгар сүбэтигэр киирдилэр:
1. Дедюкина Л.И., 8 №дээх “Родничок” о/у тьютора, «Ийэ тылынан иитии» методическай холбоһук салайааччыта;
2. Лазарева В.П., 8 №дээх “Родничок” Оҕо сайдар киинин салайааччытын үѳрэх-иитии үлэтигэр солбуйааччы;
3. Лугинова-Троева Л.Д., 23 №дээх “Цветик-семицветик” Оҕо сайдар киинин салайааччыны инновация үлэтигэр солбуйааччы;
4. Ю Саргылана Степановна, 24 №дээх “Сардаана” Оҕо сайдар киинин салайааччытын үѳрэх-иитии үлэтигэр солбуйааччы;
5. Ноговицына С.А., 70 №дээх “Кэрэчээнэ” о/у салайааччытын үѳрэх-иитии үлэтигэр солбуйааччы;
6. Луковцева С.И., 3 №дээх “Катюша” Оҕо сайдар киинин сүрүннүүр иитээччитэ;
7. Попова А.И., 8 №дээх “Родничок” Оҕо сайдар киинин сүрүннүүр иитээччитэ;
8. Старостина В.А., 8 №дээх “Колокольчик” Оҕо сайдар киинин сүрүннүүр иитээччитэ;
9. Сысолятина В.И., 16 №дээх “Золотинка” Оҕо сайдар киинин иитээччитэ;
10. Ефимова М.С., 16 №дээх “Золотинка” Оҕо сайдар киинин иитээччитэ;
11. Данилова Е.Е., 8 №дээх “Родничок” Оҕо сайдар киинин иитээччитэ;
12. Абрамова А.В., 8 №дээх “Родничок” Оҕо сайдар киинин иитээччитэ;
13. Старкова В.Н., 70 №дээх “Кэрэчээнэ” о/у эбии үөрэхтээһин педагога;
14. Попова В.В., 3 №дээх “Катюша” Оҕо сайдар киинин-уһуйаанын иитээччитэ;
15. Алексеева А.А., 3 №дээх “Катюша” Оҕо сайдар киинин-уһуйаанын иитээччитэ.
Иһитиннэриини суруйда – Л.И. Дедюкина, «Ийэ тылынан иитии» методическай холбоһук салайааччыта