О проведении муниципального этапа НПК «Барҕарыы»
В эти дни в школах города Якутска проводится школьный этап научно - практической конференции "Баргарыы" на якутском языке.
В НПК могут принять обучающиеся 5-11 классов со своим исследованием.
Особенностью данной научно-практической конференции является то, что участники будут выступать на родном (якутском) языке.
Городской этап конференции планируется провести 1 февраля 2024 г. на базе МОБУ "Саха гимназия", МОБУ НГ "Айыы кыьата", МАОУ "Саха-политехнический лицей".
«Барҕарыы» үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрин Дьокуускай куораттааҕы түһүмэҕин тэрийии БАЛАҺЫАННЬАТА
Бу балаһыанньа «Барҕарыы» үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрин сыалын, соруктарын, тэрээһин торумун, кыттыы бэрээдэгин чопчулуур (салгыы - Кэмпириэнсийэ). Кэмпириэнсийэ куораттааҕы түһүмэҕин Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын Үөрэххэ управлениета, «Барҕарыы» пуонда киинин быһаччы өйөбүллэринэн тэриллэр.
Кэмпириэнсийэ түһүмэхтэрэ:
- куораттааҕы түһүмэҕи 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаан куораттааҕы үөрэҕирии салаата тэрийэр (ахсынньы –тохсунньу)*;
- кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин 7-11 кылаастарыгар анаан Тэрийэр кэмитиэт ыытар (олунньу);
- куораттааҕы түһүмэх түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх кыттыылаахтара быһаарыллар;
- тэрийэр кэмитиэт оҥорбут ыҥырыы испииһэгэ кэмпириэнсийэҕэ кыттарга көҥүл биэрэр.
*5-6 кылаас үөрэнээччилэрэ куораттааҕы түһүмэххэ эрэ кыттар кыахтаахтар, өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх 7-11 кылаас оҕолоругар ыытыллар.
Кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхалара:
- Тыл үөрэҕэ
- Педагогика уонна уйулҕа билимэ
- Култуура уонна искусство
- История
- Кыраайы үөрэтии, айылҕаны харыстааһын
- Биология уонна мэдиссиинэ
- Математика
- Физика, астрономия
- Информатика, IT Технология
- Химия
- Тиэхиньикэ
- Экономика, бэйэ оҥорон таһаарыы*кэмп ириэнсийэҕэ кыттыан баҕалаах оҕолор «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыт үлэлэрин сахалыы тылбаастаан кыттыахтарын сөп.