«Мин, төрөппүт уонна иитээччи» аһаҕас кэпсэтии-семинар буолан ааста
Кулун тутар 16 күнүгэр, Дьокуускай куорат 10 №-дээх “Туллукчаан” уһуйааныгар «Мин, төрөппүт уонна иитээччи» диэн ааттаах Дьөһөгөй ыйын көрсө сахалыы эйгэни кэҥэтиигэ уһуйаан төрөппүтү кытта үлэтин көрдөрөр аһаҕас кэпсэтии-семинар буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат “Туллукчаан”, “Кэскил”, “Остров сокровищ” уһуйаан иитээччилэрэ, педагогтара, төрөппүттэрэ кыттыыны ыллылар. Дьөһөгөй ыйын көрсө уһуйаан саха тылыгар эбии үөрэхтээһинин педагога Докторова Анна Николаевна тэрээһин кыттыылаахтарын алгыһынан арчылаата. “Сулусчаан” бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро Петр Решетников “Күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Күндүлү бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардан көрдөрдүлэр, “Мичээр” бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччитэ хомоҕой хоһоонньут Данилова Айсана “Сахам тыла” диэн Марина Комарова хоһоонунан, сытыы-сымса тыллаах “Кустук” бөлөх чабырҕахсыттара кэлбит ыалдьыттары сэргэхситтилэр. Маны тэҥэ өр кэмҥэ уһуйааҥҥа үлэлээбит ветеран иитээччи, норуот маастара, оҕуруонан ойуулаан-оһуордаан иистэнэр иэйэр куттаах Мария Михайловна Сантонова Дьөһөгөйгө аналлаах оҕуруонан оҥоһуктарын быыстапката кэлбит ыалдыттары сөхтөрдө.
Киирии тылы “Туллукчаан” уһуйаан төрүттээччитэ, бастакы салайааччыта, педагогическай наука кандидата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ Сантаева Татьяна Семеновна эттэ, аһаҕас кэпсэтиигэ көхтөөх кыттыыга ыҥырда. Дьокуускай куорат сахалыы иитэр-сайыннарар уһуйааннарын педагогтарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ 51 №-дээх “Кэскил” уһуйаан салайааччыта Захарова Сардана Михайловна Ассоциация үлэтин, соруктарын билиһиннэрдэ.
«Кэскил» уһуйаан төрөппүттэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Федотова Вероника Анатольевна сүбэ үлэтин туһунан кэпсээтэ. "Ийэ тыл кэскилэ" общественнай хамсааһын салайааччыта Никитина Вилюяна Николаевна сахалыы эйгэни төрөппүт уһуйааны кытта биир ситимнээх үлэлээн ситиһэригэр туһаайда. “Мичээр” бэлэмнэнии бөлөх төрөппүттэрэ Созонова Сардана Александровна уонна Семенова Мария Степановна бөлөх иһигэр ыытыллар “Мин саха оҕотобун” проект кэскиллээҕин, туһалааҕын бэлиэтээтилэр, ону таһынан дьиэ кэргэннэригэр сахалыы эйгэни хайдах олохтуулларын үллэһиннилэр.
“Сулусчаан” бэлэмнэнии уонна “Уу-чуку-чук” кыра бөлөххө сылдьар оҕолордоох Мохсоҕол Ахсын Хаан Бэдьимэ уола, “Аар айан” общественнай тэрилтэ салайаачыта бэйэтин санааларын эттэ, сахалыы итэҕэл, сахалыы ааттаныы, сахалыы саҥа туһунан көрүүлэрин үллэһиннэ. “Кэнчээри” улахан уонна “Чуораанчык” кыра бөлөх төрөппүтэ Свинобоев Ариан Иннокентьевич кэрэчээн кыргыттарын хайдах сахалыы куттаах иитэллэрин туһунан уонна 6-11 саастаах оҕолорго “Бастыҥ” диэн эбии дьарык кулуубун арыйан үлэлэтэрин кэпсээтэ, сааскы ылбаҕай ырыанан кэлбит ыалдьыттары күндүлээтэ. Сахалыы эйгэлээх “Мичээр” уонна “Сулусчаан” бэлэмнэнии бөлөх иитээччилэрэ Бурнашева Катерина Гаврильевна, Николаева Нина Александровна бөлөхтөрүн иһигэр ыытыллар “Мин саха оҕотобун” проект уонна 5-6 саастаах оҕолорго олоҥхону үөрэтии туһунан кэпсээбиттэрэ дьон болҕомтотун тарта.
Бүгүҥҥү аһаҕас кэпсэтии түмүгүнэн сылын ахсын төрөппүт, оҕо, иитээччи үлэтин дириҥэтэн үөрэтэр тэрээһиннэри ыытыы, сахалыы тыллаах бөлөхтөр иитээччилэрэ хас биирдии дьиэ кэргэни кытары оҕоҕо төрөөбүт тылын, төрүт үгэстэрин иҥэриитигэр туһуламмыт үлэ ыытыыларын ситиһии, уһуйаан иһинэн оҕоҕо аналлаах сахалыы саҥалаах тэрээһиннэри элбэтии, төрөппүтү кытары ситимнээх үлэни салгыы ыытыы диэн быһаарыныы ылынныбыт. Түмүккэ тэрээһин кыттыылаахтара саха төрүт үҥкүүтүнэн - оһуохайынан түмүктээтибит
Дьокуускай куорат сахалыы иитэр-сайыннарар уһуйааннарын педагогтарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Захарова С. М.