Бастакы Өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрөппүт сугулаана ситиһиилээхтик буолан ааста

Бу сугулаан Саха тылын учууталларын II Сийиэһин Түмүк докумуонун олоххо киллэрии чэрчитинэн тэрилиннэ.
*Сүрүн соруга* - төрөппүт кэмитиэттэрин, ийэ, аҕа, эһэ, эбэ түмсүүлэрин сахалыы иитиигэ хайыһыннарыы, сахалыы саҥаны сайыннарыыга болҕомтону күүһүрдүү, үлэ ньыматын ырытыһыы, уопут, санаа атастаһыы.

Тэрээһиҥҥэ 12 улуустан 117 төрөппүт, оскуолалар, уһуйааннар салайааччылара, иитиигэ солбуйааччылара, учууталлар, иитээччилэр кытыннылар.
Мэҥэ Хаҥаластан - 25, Амматтан - 18, Тааттаттан - 7, Уус Алдантан - 15, Хаҥаластан - 12, Намтан -13, Горнайтан - 7,  Үөһээ Бүлүүттэн - 7, Ньурбаттан - 11, Өлүөхүмэттэн - 2, Уус Майаттан - 1 дэлэгээттэр улуустааҕы Үөрэх салалтатыттан ананан кэлбиттэр. Бүлүүттэн 1 киһи бэйэтин баҕатынан кытынна. Дьокуускайтан - 17.
АРААС БЫҺЫЫЛААХ ТЭРЭЭҺИННЭР ЫЫТЫЛЫННЫЛАР.
*«Ийэ тылынан иитии – оҕо сайдар тирэҕэ» Сүрүн  мунньах* Сугулааны хайысхалыыр соруктаах ыытылынна.
Норуот педагогикатын ассоциациятын салайааччыта Еремей Константинович Чиряев, "Эркээйи эргиирэ" ааптардара Галина Семеновна Попова – Санаайа, Татьяна Михайловна Ильина,  Национальнай Төрөппүт Ассоциациятын, “Айыы кыһата” гимназия Аҕа сүбэтин кыттыылааҕа Владимир Шиндикеевич Ю, РЛИ дириэктэрэ Иван Иванович Шамаев, СӨ "Барҕарыы" пуондатын салайааччыта Альбина Иннокентьевна Поисеева, “Күөрэгэй” түмсүү кыттыылааҕа Валентина Татаева,  Таатта улууһун Баайаҕа оскуолатын дириэктэрэ Старостин Степан Петрович, ЯГНГ Эбээлэрин түмсүүтүттэн Эльвира Семеновна Петрова, “Ийэ тыл кэскилэ” кыттыылааҕа, эһэ Аркадий Михайлович Самсонов, "Көмүлүөк" хампаанньа салайааччыта Ольга Григорьевна Григорьева тыл эттилэр.   *Төрөппүттэри кытта үлэ түһүктэрин (бырайыактары) көрүүгэ* А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан гимназияҕа 24 араас, олус сэргэх, баай ис хоһоонноох  быыстапка тэрилиннэ. Киһи сэҥээрэр үгүс үлэтиттэн кыайыылаахтары дьүүллүүр сүбэ бэлиэтээтэ.
Чыпчаал Добун суругу Мэҥэ Хаҥаластан Бэдьимэ оскуолата, Горнайтан Маҕарас "Туллукчаан" уһуйаана, Амматтан "Хатыҥчаана" уһуйаан ыллылар. Ону кытта Добун суругу Уус Алдантан Мындааба оскуолата, Бэйдиҥэ "Чэчир", Баатаҕай "Күнчээн" уһуйааннара туттулар.
*Кэпсэтии түһүлгэлэригэр* Ил Дархан ийэтэ Тамара Сергеевна Николаева, төрүт үгэһи иҥэрээччи Павлов Анатолий Николаевич-Дабыл, РЛИ дириэктэрэ Иван Иванович Шамаев, СӨ Наука Академиятын Төрөөбүт тыл киинин салайааччытын солбуйааччыта Светлана Степановна Семенова, Дьокуускай куорат саха уһуйааннарын Ассоциациятын салайааччыта Сардаана Михайловна Захарова, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан ДьКНГ дириэктэрэ Пермякова Валентина Семеновна, Н.Д. Неустроев аатынан SMART- библиотека сүрүннүүр библиотекара Беленкова Мария Васильевна, П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын сүрүн режиссера 
 Тараховскай Руслан Игоревич, Саха НКИХ үлэһитэ, “Чохоон” оҕо  ютюб ханаалын эрэдээктэрэ
Барбасытова Лилия,  ГЧИ научнай үлэһитэ, остуоруйаны чинчийээччи
Павлова Надежда Васильевна, "Айар" кинигэ кыһатыттан Никифорова Марина Георгиевна, Константинова Саргылана Федоровна, «Кэскил” оҕо хаһыатын кэрэспэдьиэнэ
Местников Григорий Григорьевич, "Күөрэгэй" түмсүүттэн блогер ийэлэр 
Ирина Матвеева, Сандаара Кулаковская, Любовь Артемьева сэһэргэстилэр.
 *Маастар-кылаастарга* Уол оҕону сахалыы иитии туһунан Дорҕоон Дохсун; айылҕаҕа сатабыллаах буоларга иитии туһунан 
Спиридонов Максим Мартович; сахалыы ас астыы-астыы аныгылыы видео уһуллулар “FoodLife” студия, Куннэй Лугинова, Саргылаана Аммосова; сахалыы симэх оҥоттордо "Крафт" студия; тылланыы, төрүт дорҕооннору саҥардыы ньымаларын көрдөрдүлэр 
 Валентина Татаева, Юлия Андросова, Мирабелла Ядреева,  Анна Степанова, Нюргуяна Черноградская; ырыа нөҥүө төрөөбүт  тылы иҥэрии  туһунан Семен Ченянов, киинэ устуу туһунан Михаил Васильев-Лукачевский, сахалыы Мандар шрифт уонна саха буукубаларынан брендирование ньымаларын Елена Заболоцкая, Александра Старостина, 
Сардаана Сыромятникова;  өбүгэ үгэстэрэ аныгылыы ньымаларын туһунан Эрэлкээнэ; “Бэйэҕэр эргиллии – төрөппүт, оҕо, учуутал үс кыттааччы сайдар эйгэтэ” диэн үөрэҕи Степанова В. Е., к.филос.н., Поскачина В.С. ыыттылар.

*Тобул түһүлгэҕэ* (мозговой штурм) төрөппүт түмсүүтэ оҕо сахалыы саҥатын сайыннарар үлэни хайдах торумнаан ыытыан сөбүй диэн төрүктэри (бырайыактары) 4 бөлөҕүнэн арахсан анал ньыманан оҥордулар. Ньыма дьон кэрэхсэбилин ылла. Түһүлгэни иилээн ыытта этнопедагог Айталина Петровна Иванова. Хас биирдии бөлөх кэскиллээх үлэ ис хоһоонун тобулла.
Бу түһүлгэҕэ СӨ Үөрэҕин миниистирин солбуйааччы Алевтина Петровна Аргунова, суруйааччы Евдокия Иринцеева - Огдо киирии тыл эттилэр.

Маннык сугулаан сыл аайы улуустан улууска көһө сылдьан ыытылларын, аныгыскы сылга Мэҥэ Хаҥаласка тэриллэрин туһунан этиини өйөөтүлэр. "Ийэ тыл кэскилэ" ситимҥэ санаа атастаһар ньыма быһыытынан түмсэрбит, төрөппүт түмсүүлэрэ сахалыы саҥаны сайыннарыыга үлэ ыыталларын туһунан уураах ылылынна, ньымаларга этиилэр киирдилэр.

Сугулааны СӨ Үөрэх министиэристибэтин өйөбүлүнэн “Ийэ тыл кэскилэ” Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын, Олоҥхо Ассоциацията, “Күөрэгэй”, “Ааҕар Саха сирэ” түмсүүлэр, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан  Дьокуускай куорат национальнай гимназията тэрийдибит. "Түмэн" ыччат түмсүүтэ көмөлөстө.  

Дьон элбэҕи сэргээн, үгүһү, саҥаны билэн, өрө көтөҕүллэн барбыттарын туһунан бэлиэтээбиттэрэ үөрдэр.

Сугулааҥҥа кэлэн барбыт дьон дойдуларыгар тиийэн, төрөппүтү кытта үлэни салгыы тэрийиэхтэрэ, саҥа идиэйэлэринэн салайтаран үлэлиэхтэрэ,  дьон-сэргэ көҕө өссө күүһүрүө диэн эрэлбитин биллэрэбит.

 

Вилюяна Никитина , "Ийэ тыл кэскилэ" Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын

Карта сайта

Орфографическая ошибка в тексте:
Чтобы сообщить об ошибке, нажмите кнопку "Отправить сообщение об ошибке". Также вы можете добавить свой комментарий.